Хаартыска: ИДьМ пресс-сулууспата
ЫБММ үлэһитэ эдэр дьахтары эчэппит уонна кини сокуоннай сааһын ситэ илик балтыгар сыстаҥнаабыт.
Бу туһунан эмсэҕэлээбит дьахтар киэҥ араҥаҕа, социальнай ситимҥэ суруйбут, эчэйиилэри ылбыт хаартыскаларын киэҥ эйгэҕэ дакаастабыл быһыытынан көрдөрбүт. Бу туһунан ЯСИА суруйар.
Дьокуускай куорат олохтооҕо, эдэр кыыс бу эчэйиилэри ылан баран полицияҕа үҥсүбүт. Ол эрээри дьыала ханна тиийбитин билбэт. Кини иһитиннэрбитинэн, дьыала Силиэстийэлиир кэмитиэккэ ыытыллыбыт диэн буолбут. Ол кэннэ, аны дьыала суох диэн буолбут. Эмсэҕэлээбит кыыс дьыала тохтоон, сабыллан хаалыа диэн куттанар.
Арассыыйа ЫБММ эрэгийиэннээҕи управлениетын баһаарынай чааһын уонна гарнизон начаалынньыгын солбуйааччы Григорий Колданов бу дьыаланы хонтуруолга ыллыбыт диэн иһитиннэрбит. Өскөтүн, ЫБММ үлэһитэ бу дьыалаҕа кыттыгастаах буоллаҕына миэрэ ылыллыаҕа диэбиттэр.
Бэлиэтээн суруйдахха, бииргэ олорор киһититтэн былырыын Өлүөхүмэ олохтооҕо улахан эчэйиилэри ылбыта. Хомойоух иһин маннык түгэннэр үгүстүк бэлиэтэнэллэр.
Электронаай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …
Түөкүттэр социологическай ыйытыылары биэрбитэ буолан, кэпсэтиннэрэ сатыыллар. Сыаллара-соруктара – куоласкын уһултара охсуу. Ол кэнниттэн эн…
Быйыл олунньуга Нерюнгрига элбэх кыбартыыралаах дьиэ иннигэр муустан халтарыйан, биирдээх оҕотун көтөҕөн испит ийэ охтубут.…
Өҥүрүк куйаас сатыылаан турдаҕына сарсыардаттан куорат тэрилтэлэрин кэрийэн, ыдьырыйа сылайдарбын даҕаны, син наадабын ситэн, дэриэбинэҕэ…