Салгыы
Үбүлээһин баар, аны норуот өйдүүрэ ирдэнэр

Үбүлээһин баар, аны норуот өйдүүрэ ирдэнэр

24.08.2023, 15:21
Хаартыска: Людмила Попова.
Бөлөххө киир:

Үөрэх үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы мунньаҕын иитинэн «Төрөөбүт тыллар СӨ үөрэҕин эйгэтигэр: сайдыы көрүүлэрэ» диэн «төгүрүк остуол» буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ, уопсайа, 180-ча киһи кытынна.

Судаарыстыба таһымыгар кэлин төрөөбүт тылы сайыннарыы, тарҕатыы өттүгэр үлэ киэҥник уонна далааһыннаахтык ыытылынна, бу баара-суоҕа биир-икки сыл иһигэр диэн СӨ  бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бэлиэтээтэ. Ол курдук, бастакытынан, “СӨ судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары чөл хаалларыы уонна сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама ылыллан, былырыын 50 мөл. солк. көрүллүбүт эбит буоллаҕына, быйылгыттан Ил Дархан сорудаҕынан 100 мөл. солк. тиийэ улааппытын этэр. Иккиһинэн, Ил Түмэҥҥэ киирэр сокуоннар бары икки тылынан суруллан киириэхтээхтэрин, тахсыахтаахтарын санатта. Үсүһүнэн, Ил Дархан сорудаҕынан, нууччаттан уонна омук тылларыттан киирбит тиэрминнэри тылбаастыыр хамыыһыйа тэриллэн үлэтин саҕалаан, номнуо саҥа тиэрминнэр тарҕанан эрэллэрин иһитиннэрдэ. Төрдүһүнэн, былырыын  600-700 дэлэгээт кыттыылаах саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын сийиэһэ ыытыллыбытын, учууталлар бэйэлэрин санааларын тиэрдибиттэрин, ол түмүгэр былаан, кэнсиэпсийэ ылыллан, бигэргэнэн олоххо киирээри турарын ыйда. Бэсиһинэн, Билим академиятын иһинэн тылы үөрэтэр, сайыннарар Киин тэриллэн үлэлиирин эттэ. Баара-суоҕа биир сыл иһигэр бу курдук Бырабыыталыстыба таһымыгар үлэ-хамнас ыытыллыбытын тоһоҕолоон эттэ.

Хаартыска: Людмила Попова.

— Ол эрээри, билигин даҕаны үлэбит көдьүүһүн түмүгүн көстүүтэ кыра эбэтэр эрдэ быһыылаах. Интэриниэт содула, киирии тыллар биһиги тылбытыгар олус охсуулаахтар уонна күннэтэ суоһуу тураллар. Олору утары охсуһар ньымалар күүһүрэн иһиэхтээхтэр уонна бу ылыллыбыт докумуоннар олоххо киириилэрэ тэтимириэхтээх. Бастакытынан, саҥаттан-саҥа бырагыраамалары, сокуоннары ылыныынан үлүһүйүө суохтаахпыт. Холобур, былырыын ыытыллыбыт учууталлар сийиэстэрин кэнсиэпсийэтэ, резолюцията баар. Ону миэстэтигэр олоххо киллэриинэн дьарыктаныахтаахпыт. Ол ситэ кыаллыбакка турар. Сүрүн олоххо киллэрээччинэн, толорооччунан, кыттааччынан үөрэх кыһалара уонна төрөппүттэр буолаллар. Бу икки хайысхаҕа көмөлөөн үлэбитин күүһүрдэрбит эрэйиллэр”, — диэн эттэ. Итиэннэ үөрэх бырагыраамата оҥоһуллубутун, чааһа үллэриллибитин иһитиннэрэн туран, элбэх оскуолаҕа хамсааһын тахса илигин ыйда. Салалта, учууталлар ситэ өйдүү илик үөрэх кыһалара баалларын эттэ. Икки тылы тэҥинэн бутуйан саҥарар учууталы, салайааччыны истэ сылдьан эбэтэр биллэрии, ыйынньык нууччалыы суруллан турдаҕына, сахалыы тылбааһа суох буоллаҕына оҕолор хайдах даҕаны төрөөбүт тылларын билэр, үөрэтэр кыахтара суоҕун холобурдаата.

“Иккиһинэн, сорох төрөппүттэр төрөөбүт тылы оҕоҕо тиэрдии суолтатын ситэ өйдүү иликтэр. Өбүгэлэрбиттэн илдьэ кэлбит тылбын оҕом сиэннэрбэр, хос сиэннэрбэр тириэрдиэхтээх диэн санааны хас биирдии олохтоох өйдүү илик. Биирдиилээн энтузиастар бааллар эрээри, олор уопсай ахсаантан муҥутаан 30 % эрэ ылаллара буолуо. Хас биирдии төрөппүт өйдүүрэ ирдэнэр. Бу хайысхаҕа болҕомтону күүһүрдүөхтээхпит. Аҥаардас бырабыыталыстыбаттан, министиэристибэттэн, дьокутааттартан ирдиир ситэтэ суох”, — диэн бэлиэтээтэ.

Үс чаас устата барбыт мунньахха Ил Түмэн дьокутаата Феодосия Габышева, СӨ Билимҥэ академиятын вице-бэрэсидьиэнэ Геннадий Толстых, Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунова, Арктиканы уонна хотугу норуоттар дьыалаларын сайыннарыы миниистирин солбуйааччы Михаил Погодаев, РФ норуоттарын төрөөбүт тылларын федеральнай институтун филиалын дириэктэрэ Надежда Васильева, үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара, учууталлар, уопсастыбаннас кытыннылар, үгүс санаа этилиннэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: