Үбүлээр үҥкүүһүт Афанасий Афанасьев ааҕааччылардыын көрүстэ

Share

В.Г. Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ “Дьокуускай куорат олохтооҕо” диэн кулуубун уочараттаах дьоруойунан РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа Афанасий Афанасьев буолла.

Тэрээһин сыала-соруга – тыйаатыр артыыһын өйөбүлүнэн Дьокуускай куоракка анаммыт хоһооннору ааҕыы, үөрэтии, сырдатыы.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, хас биирдии артыыс тапталлаах куораппыт Дьокуускай кини дьылҕатыгар туох оруоллааҕын кэпсиир. Үбүлээр үҥкүүһүт Афанасий Афанасьев тапталлаах куоратын хайдах көрүөн баҕарарын туһунан  бэйэтин санаатын маннык эттэ:

Көрсүһүүгэ кэлбит дьон үгүс интэриэһиргиир боппуруостарын ыйыттылар:

Ийэтин иитиитэ олоҕор улахан оруоллааҕын туһунан Афанасий Афанасьев бэрт иһирэхтик ахтан аһарда:

Тэрээһин дьоруойа бэрт ураты киһи буоларын көрсүһүүнү тэрийээччи бибилэтиэкэр Екатерина Попова маннык бэлиэтээтэ:

Афанасий Афанасьев эппит тылыгар турунар эппиэтинэстээх киһи буолара — эмиэ биһирэнэр хаачыстыбата эбит:

Көрсүһүү кыттыылаахтарын аатыттан бибилэтиэкэр Екатерина Попова үбүлээр-үҥкүүһүккэ Махтал сурук уонна өйдөбүнньүк бэлэх туттарда.

Тэрээһин түмүгэр Арассыыйа үтүөлээх, СӨ народнай артыыһыгар тиийэ үүммүт Афанасий Афанасьев  ахсынньы 4 күнүгэр үбүлүөйдээх айар киэһэтигэр ыҥырда:

Көрсүһүүгэ кэлбит дьон бэйэлэрин  санааларын үллэһиннилэр:

Үбүлээр үҥкүүһүт айар дьоро киэһэтэ кини «короннай» флешмобунан түмүктэннэ.

Мин тэрээһин кэнниттэн В.Г. Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ ыытар үлэтин туһунан бэрт иһирэхтик санаатын эппит бэриниилээх ааҕааччыны кытта анаан кэпсэттим:

Ити курдук, «Белиҥкэ» диэн дьон таптаан ааттыыр бибилэтиэкэтигэр “Дьокуускай куорат олохтооҕо” диэн кулууп уочараттаах дьоруойа РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа Афанасий Афанасьевы кытта көрсүһүү олус үрдүк таһымнаахтык ааста.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

10 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

10 часов ago