Үбүлүөй собото
Хас да сыллаах үөрэтии, архыып докумуоннарын хасыһыы түмүгэр, Үгүлээт нэһилиэгин туһунан аан-бастаан сурукка киирбит, ол саҕана үгүлээттэртэн бастакы дьаһаах хомуллубутун туһунан хаһаахтар ыраахтааҕыга ыыппыт суруктара көстүбүтэ.
Эрдэ бэлиэтэнэр «тэриллибит күнэ» суох буолан, 1634 сыл, балаҕан ыйын 7 күнүн Үгүлээт төрүттэммит күнүнэн билинэн, нэһилиэк Сэбиэтин дьокутааттарынан бигэргэтиллибитэ. Онон нэһилиэкпит төрүттэммитэ 390 сыллаах үбүлүөйүн суол-иис баарына уонна арыый ичигэс эрдэҕинэ уопсай сүбэннэн атырдьах ыйын 23-24 күннэригэр бэлиэтииргэ быһаарыммыппыт. Эрдэттэн бэлэмнэнэр үлэ барбыта, тус-туһунан анал хамыыһыйалар аттарыллан үлэлээбиттэрэ, миигин ас-үөл хамыыһыйатыгар киллэрбиттэрэ…
Үбүлүөйбүт күнэ улам чугаһаан испитэ, мин саамай сатыыр уонна сөбүлүүр дьарыкпынан балыктааһын буолар, онон эрдэттэн күүскэ соболуурдуу бэлэмнэнэн барбытым, илимнэрбин бэрийэн, дьоҥҥо да эппитим «туох иһин нэһилиэкпит гербэтигэр собо ойуута баарый, бырааһынньыкка араастаан буспут элбэх собо баар буолуохтаах, дьон астынарын курдук», — диэн.
Ол курдук тэринэн, былааннанан, эрдэттэн балыктаан саҕалаатахха сатанар диэн атырдьах ыйын 18 күнүгэр Тойон Уйалаах диэн дэриэбинэттэн сүүрбэччэ биэрэстэлээх сиргэ баар арыы күөлүгэр бараары көмөлөһөр киһи көрдөөн көрдүм да, баҕалаах уонна бокуойдаах киһини булбатым. Хайыахпыный соҕотоҕун бардым. Тиийбитим икки балыксыт баар эбит, аҕыйах илими үппүттэр. Мин эмиэ илимнэрбин үппүтүнэн бардым, бастаан уонча илими үтэн бараммын, бастакыннан үппүт илимнэрбин көрөн соҕотох собону ыллым. Ол иһин аҕалбыт 60-65 мм харахтаах, уопсайа 19 илими барытын үттүм. Түүнү быһа илимнэрбин уларытан-тэлэритэн, көһөртөөн балыктыы сатаатым да, аанньа туппата, нэһиилэ 130 собону ыллым. Илимнэрбин эһэн 19-с сарсыарда хомунан дьиэлээтим. Ол балыкпыттан 100 собону үөлүүгэ диэн биэрбиппин дьахталлар саба түһэн хатырыктаан, үөстээн биэрбиттэрин, кырдьаҕас балыксыттар, Н.Н. Семенов уонна З.А. Данилов туох да олус үчүгэйдик үөлэн, сөрүүн сиргэ ууран кэбиспиттэр этэ…
Мин ол күн өрөөн, илимнэрбин көннөртөөн бараммын сарсыныгар, атырдьах ыйын 20 күнүгэр Хагдаҥ диэн, дэриэбинэттэн 18 биэрэстэлээх сиргэ сытар, уруккуттан балыктыыр күөлбэр, сэрэххэ диэн өссө элбэх илими илдьэ, олох эрдэттэн бардым. Барар күөлүм собото төһө да бөдөҥүн, эмиһин иһин, массыына тохтуур сириттэн күөлүн кытыытыгар диэри балачча тэйиччи, хаамар сирэ уулаах уонна күөл уута түһэн кытыыта ыраахха диэри бырыы да бадараан. Күөлгэ киирэргэ-тахсарга эрэйэ бэрт буолан, дьон соччо сылдьыбат, балыктаабат буолан турар. Суолтан-иистэн көрдөххө, бу да сырыыга дьон сылдьыбатаҕа ырааппыт этэ. Онон собону хайаан да ылыахтаахпын бүк эрэнэн, үөрэ-көтө мас кэрдэн киллэрэн далаһа дуома оҥостон, эрэһиинэ тыыбын үрдэрэн, күөлбэр бэрт эрэйинэн да буоллар, син киирэн илимнэрбин үтэттээтим.
Уонча илими үтэн бараммын, үгэспинэн, бастаан үппүт илимнэрбин көрбүтүм, собо син туппут этэ. Үөрэн күлүкпэр имнэнэн баран, аҕалбыт 60-65 мм харахтаах, уопсайа 16 илими үппүтүм. Ол сырыттахпына дэриэбинэттэн үс уол Долгунов Афоня, Алексеев Коля уолунаан Даниллыын миэхэ балыкпын тыаҕа таһаарарбар көмөлөһө таарыйа, үбүлүөйгэ диэн кустуу кэлбиттэр. Инньэ гынан мин балыктыыбын, уолаттар кустууллар, күөлгэ киирэ-тахса балыкпын тыаҕа таһаллар.
Түүн собо буһаран сиэтибит, дьонум сарсыарда, халлаан сырдыан инниттэн эмиэ кустаатылар, оттон мин илимнэрбиттэн балыгы араар да араар… Балык тутар эбит, атын сиргэ көспөккө киэһэ эмиэ манна кэлэн балыктыыһыбын диэн илимнэрбин эспэккэ, үтүллүбүтүнэн хааллардым. Ол күн 250 бөдөҥ, эмис собону ылбытым, оттон уолаттарым 30 кустаахтар этэ (ол кус эмиэ үбүлүөй остуолун киэргэппитэ). Онон сырыыбыт табыллан, үөрүү-көтүү бөҕө буолан дьиэлээтибит. Ол балыктан 200 собону үбүлүөйгэ диэн биэрбитим, ону дьахталлар мустан тута хатырыктыы, үөстүү охсубуттара. Ол онтон 100 собону эмиэ балыксыт бэртэрэ дьон, Новиков Айаал уонна Прокопьев Бааска буоланнар, туох да үчүгэй бэйэлээхтик үөлэн кэбиспиттэр. Сорох балык ыһаарыламмыт, сороҕо ыалдьыттарга кэһиигэ диэн тоҥоруллубут этэ… 21-с киэһэ күөлбэр тиийэн, эмиэ сарсыардааҥҥа диэри тохтоло суох балыктаан, соҕотох буоламмын, күөлтэн тыаҕа балыкпын, таһаҕаспын таһарбар үлтү сылайан, 160 соболоох 22-с сарсыарда күөлбүттэн көһөн кэлбитим. Ол соботтон үбүлүөйгэ диэн 120 собону биэрбиппин ыраахтан кэлбит ыалдьыттарга түҥэппиттэрэ.
Сарсыныгар бырааһынньыктаабакка бөдөҥ соболооҕунан аатырбыт, хаһан да сылдьа илик күөлбэр, Борулдуолаахха балыктыы барыахтаах этим. Булчут күрэҕин кыттыылаахтара ол бөдөҥ соботтон, хастыыны эрэ хатырыктаан, үөстээн күрэхтэһиэхтээх этилэр. Сороҕун эмиэ ыалдьыттарга бэрсиэхпит диэн былаан баара. Онтум баара Уолаттар Уолбаларыгар ойуур баһаара туран, массыынабынан дьону илдьэ онно барар буолан хаалбытым. Онон былааннаммытым курдук ситэ соболообокко хаалбытым, ол да буоллар, үс күн күүскэ балыктаан, уопсайа 540 бөдөҥ, эмис собону ылбыппыттан, 420 собо үбүлүөйгэ, 110 собо билэр дьоммор бэрсиигэ барбыта. Ол соботтон дьиэ кэргэним сибиэһэйдии уонча устууканы эрэ мииннээн амсайбыта.
Бу санаатахха, Күөх Боллох Тойон көмүс хатырыктааҕыттан нэһилиэкпит үбүлүөйүнэн бэркэ да күндүлээбит эбит…
Байрон Иванов
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: