Үбүлүөйдээх Х Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа бэлэмнэнии саҕаланна

Share

2025 сыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр Владивостокка Х Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум ыытыллар.

Тэрийээччилэр этэллэринэн, үбүлүөйдээх пуорум Уһук Илиҥҥэ уонна дойдуга бүттүүнүгэр саҥа «Точка роста»  тэрийиигэ, норуоттар икки ардыларынааҕы сибээһи бөҕөргөтүүгэ, доҕордуу дойдулары кытары бииргэ үлэлээһини күүһүрдүүгэ туһуланар.

ВЭФ-2025 дьыалабыай былаһааккаларыгар экэниэмикэни бөҕөргөтүүгэ туһуламмыт биир кэлим мэхэньиисимнэри оҥорууга уонна күүһү түмүүгэ, быһаарыылары киллэриигэ дьүүллэһиилэр, биисинэс-кэпсэтиилэр ыытыллыахтара. Арассыыйа эрэгийиэннэрин, хампаанньалары, биэдэмистибэлэри, ол иһигэр тас дойдулар бииргэ үлэлээһиннэрин сайыннарыыга сөбүлэһиилэр түһэрсиллиэхтэрэ. «Уһук Илин уулуссата» үгэс буолбут быыстапкаҕа сүрүн технологическай ситиһиилэри, инвестиция потенциалын, араас эйгэлэргэ тутаах бырайыактары, ону сэргэ, Уһук Илин эрэгийиэннэрин култуураҕа уратыларын билиһиннэриэхтэрэ.

РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев бэлиэтииринэн, пуорумҥа Уһук Илиҥҥи ФУо уонна Азиатско-Тихоокеанскай эрэгийиэннэр бары тирээн турар суолталаах боппуруостара көтөҕүллэллэр. Итиэннэ бары быһаарыылар Уһук Илин эрэгийиэн олохтоохторун хаачыстыбатын тупсарарга, Уһук Илиҥҥэ инвестордары, квалификациялаах исписэлиистэри, устудьуоннары уонна олоххо көхтөөх дьону тардыы соруга турар.

2015-2024 сс. ыытыллыбыт Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа уопсайа 2480 бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэҥ түһэрсиллибит. Сүрүн хайысхалар ортолоругар — инфраструктурнай эбийиэктэри тутуу, энэргиэтикэни сайыннарыы, тырааныспар уонна логистика ситимнэрэ, Арассыыйа эрэгийиэннэрин социальнай-экэнэмиичэскэй сайыннарыы, уо.д.а. бааллар.

2024 с. хаһан да буола илик элбэх сөбүлэҥ түһэрсиллибит, барыта 75 дойдуттан 7 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыта бэлиэтэнэр.

Санатар буоллахха, ВЭФ-2024 түмүгүнэн Саха сирэ 25 саҥа сөбүлэһиигэ илии баттаабыта. Олортон сүрүннэринэн — Найбаҕа муора пуордун, Чуумпу акыйааннааҕы тимир суолу тутуу, Өймөкөөҥҥө Уус Ньара бөһүөлэгэр итиинэн хааччыйыы систиэмэтин саҥардан оҥоруу, «Синергия Арктики» бырайыагы быһаарыы, Дьокуускай маастар-былаанын бырайыагын үбүлээһин буолаллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ тардыллыахтаах саҥа инвестициялар уопсай суумалара 163 млрд.солк. тэҥнэһэр.

ВЭФ тоҕус сыллаах үлэтигэр Саха сирэ пуорумҥа 220-н тахса сөбүлэһиигэ илии баттаабыт.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

3 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

4 часа ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

4 часа ago