Үбүлүөйдээх ыһыах саха суруналыыстыкатын 65 сылыгар ананна

Share

Бэҕэһээ, бэс ыйын 14 күнүгэр, Саха суруналыыстыкатын 65 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт ыһыах буолан ааста.

Ил Түмэн дьокутаата, СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег Марков суруналыыстыкаҕа олохторун анаабыт бэтэрээннэри ахтан, кинилэргэ махтал тылларын анаата. Өр сылларга СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Галина Бочкареваҕа РФ суруналыыстарын Бочуотунай кыраамататын туттарда.

Үбүлүөйдээх сылга айар үлэлэригэр ситиһиилээх суруналыыстарга Олег Марков наҕараадалары туттарда.

Суруналыыстар ыһыахтара үгэс быһыытынан сандалы баай аһын, национальнай көстүүм, оһуохай этиитин күрэстэринэн саҕаланна, салгыы  успуорт көрүҥнэринэн куоталаһыы буолла. Бастакынан дьүүллүүр сүбэни «Сахамедиа» холдинг кэлэктиибэ көрүстэ.

Тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Чокуур Гаврильев дьүүллүүр сүбэҕэ  Саха суруналыыстыкатын үбүлүөйдээх 65 сылын көрсө бэрт элбэх кинигэ бэчээттэммитин  билиһиннэрдэ. Салгыы холдинг үлэһиттэрэ бэйэлэрин улуустарын маанылаах бренд-астарын билиһиннэрбиттэрэ олус сонуннук көһүннэ.

«Сахамедиа»холдинг тиэргэнин тас көстүүтэ эмиэ атыттартан олох ураты.

Дьүүллүүр сүбэ салгыы атын тэрилтэлэри көрөн-истэн түмүгү таһаарда: 1-кы миэстэ «Саха» НКИХ, 2-с миэстэҕэ «Сахамедиа» холдинг тигистэ, 3-с миэстэҕэ «Сахабэчээт» тэрилтэ тигистэ.

1-кы миэстэлээх тэрилтэҕэ саҥа оҥоһуллубут көһө сылдьар Мэҥэ бэлиэни туттардылар.

«Сахабэчээт» уонна «Саха» НКИХ тэрилтэрин халыҥ хамаандалара эмиэ олохтоохтук оҥостубуттарын түмүгэр бастыҥ бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр.

Бочуоттаах 1-кы миэстэҕэ тиксибит «Саха» НКИХ Дьиэ кэргэн сылыгар саха ыалын тиэргэнин оҥорбуттара олус сонуннук көһүннэ.

Ити курдук, Саха суруналыыстыкатын  сойууһа тэриллибитэ 65 сылыгар анаммыт ыһыаҕы айар куттаах дьон олус астыннылар, тэрээһинин хайҕаатылар.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

26 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

3 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

4 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

5 часов ago