Ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлэ буолуо дуо?
Бэрэсидьиэн Владимир Путин Устудьуоннар, ыччат аан дойдутааҕы бэстибээллэрин ыытар туһунан идиэйэни өйөөтө. Ол эрээри, билиҥҥи усулуобуйаҕа маннык улахан тэрээһин ыытар уустуктааҕын санатта.
— Идиэйэҕит үчүгэй. Ол эрээри, билиҥҥи усулуобуйаҕа улахан тэрээһини ыытар судургута суох буолуо. Ол гынан баран, төһө да Крым холбоспутунан балаһыанньа тыҥааһыннааҕын иһин, 2017 сыллаахха Сочи куоракка ыччат бэстиб’элин ыытан турабыт. Онон бэйэтин кэмигэр сөп түбэһэн иһиэ дии саныыбын. Идиэйэтэ үчүгэй, тоҕо диэтэр, дьону түмэр, үрдүккэ кынаттыыр тэрэһин, онон өйүөхпүт, — диэн кини хоруйдаата. Бу ыйытыыны киниэхэ РУДН устудьуона Дарья Семенова биэрбит.
Бэрэсидьиэн этэринэн, былаас баҕарда да, тута тэрийэн кэбиһэр кыаҕа суох. Кыттааччылартан, аан дойдутааҕы тэрилтэлэртэн эмиэ тутулуктааҕын бэлиэтээтэ.
— Арассыыйа норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиннэри куруук үрдүк таһымҥа ыытар. Оннук да оҥоруохпут, — диэн кини эрэннэрдэ.
Санатар буоллахха, 1985 сыллаахха Москваҕа Устудьуоннар, ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлэ киэҥ далааһыннаахтык буолбута. Бу кэнниттэн 2017 сыллаахха Сочига эмиэ ыытыллыбыта.
Хаартыска — сахагофтан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: