Ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлэ буолуо дуо?

Share

Бэрэсидьиэн Владимир Путин Устудьуоннар, ыччат аан дойдутааҕы бэстибээллэрин ыытар туһунан идиэйэни өйөөтө. Ол эрээри, билиҥҥи усулуобуйаҕа маннык улахан тэрээһин ыытар уустуктааҕын санатта.

Идиэйэҕит үчүгэй. Ол эрээри, билиҥҥи усулуобуйаҕа улахан тэрээһини ыытар судургута суох буолуо. Ол гынан баран, төһө да  Крым холбоспутунан балаһыанньа тыҥааһыннааҕын иһин, 2017 сыллаахха Сочи куоракка ыччат бэстиб’элин ыытан турабыт. Онон бэйэтин кэмигэр сөп түбэһэн иһиэ дии саныыбын. Идиэйэтэ үчүгэй, тоҕо диэтэр, дьону түмэр, үрдүккэ кынаттыыр тэрэһин, онон өйүөхпүт, — диэн кини хоруйдаата. Бу ыйытыыны киниэхэ РУДН устудьуона Дарья Семенова биэрбит.

Бэрэсидьиэн этэринэн, былаас баҕарда да, тута тэрийэн кэбиһэр кыаҕа суох. Кыттааччылартан, аан дойдутааҕы тэрилтэлэртэн эмиэ тутулуктааҕын бэлиэтээтэ.

Арассыыйа норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиннэри куруук үрдүк таһымҥа ыытар. Оннук да оҥоруохпут, — диэн кини эрэннэрдэ.

Санатар буоллахха, 1985 сыллаахха Москваҕа Устудьуоннар, ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлэ киэҥ далааһыннаахтык буолбута. Бу кэнниттэн 2017 сыллаахха Сочига эмиэ ыытыллыбыта.

Хаартыска — сахагофтан.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улууска хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, үгүс улууска хаар түһүөҕэ диэн Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрэр. Анаабыр уонна…

7 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөннөр байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын көрүстүлэр

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…

11 часов ago
  • Сонуннар

Матвей Евсеев хайа рудатын национальнай хампаанньатын салайааччытынан ананна

"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…

11 часов ago
  • Сонуннар

АЛРОСА АК уонна “Анаабыр алмаастарыгар” махтанабыт

Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…

12 часов ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Ытык Күөлгэ лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ

Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Тоҥ балык» күрэһин кыайыылааҕар — 100 тыһыынча солкуобай

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…

12 часов ago