Хаартыска СӨ Ыччатын министиэристибэтиттэн
Бүгүн Дьокуускайга СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирэ Петр Шамаев устудьуоннар этэрээттэрин байыастарын кытта көрүстэ.
Эдэр байыастар Өймөкөөн улууһугар барарга бэлэмнэнэллэр, онно халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннарга көмөлөһүөхтэрэ диэн СӨ ыччат дьылаларыгар министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Көрсүһүүгэ оҥоһуллуохтаах үлэ сүрүн түгэннэрин: айан маршрутун, олорор усулуобуйаларын уонна оттуур кэмнэригэр куттал суох буолуутун тэхиньикэтин дьүүлэстилэр. Атырдьах ыйын 10 күнүттэн 30 күнүгэр диэри этэрээт түөрт нэһилиэккэ: Томторга, Үчүгэйгэ, Орто Балаҕаҥҥа уонна Сордоҥнооххо үлэлиэҕэ.
Петр Шамаев этэрээт хас биирдии байыаһын кытары тус кэпсэттэ, ыарахан балаһыанньаҕа көмөлөһөргө бэлэмнэрин иһин махтанна уонна эмсэҕэлээбит улууска бу айан суолтатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Бу – дьиҥнээх гражданскай эппиэтинэс холобурунан буолар!
Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…
Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…
Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…
Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…
Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…