Ыччат пуорума араас омугу сомоҕолуур
Бүгүн Уһук Илин эрэгийиэннэрин ыччаттара бииргэ түмсүбүт пуорумнара бэрт сэргэх ис хоһоонноохтук буола турар.
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Саха сирэ сомоҕолуур. Ыччат омук – инники кэскилэ” Уһук Илин эрэгийиэннэрин норуоттарын пуорумун Дьокуускай куорат мээрэ Евгений Григорьев эҕэрдэ тылынан аста.
— Дьокуускайга бүгүҥҥү күҥҥэ 120 араас омук түөлбэлээн олорор. Кинилэр бары бэйэлэрин култуураларын атын омуктары кытта тэҥҥэ сайыннаран, киин куорат социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьоһуннаах кылааттарын киллэрэллэр, — диэн бэлиэтээтэ.
СӨ тас сыһыаннаһыыларга уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирин солбуйааччы Сергей Хатылыков: «Бүгүҥҥү күҥҥэ ыччаттар духуобунай сомоҕолоһууларын олохтооһун — сүрүн сорук. Билигин иһитиннэрэр биллэрэр сириэстибэлэринэн араас ис хоһоонноох үлэ барар турар. Онуоха ыччаппыт толору бэлэмнээх буолан, Ийэ дойдутун көмүскүүргэ бэлэмнээх буолара наада. Онуоха бу маннык дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэр улахан оруоллаахтар», — диэн санаатын тиэртэ.
РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн үлэлиир омуктар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларга судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэ боппуруостарын информационнай хааччыйыыга хамыыһыйа эппиэттээх сэкирэтээрэ, Арассыыйа норуоттарын ассамблеятын сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Андрей Худолеев «бырааһынньыктары араастык бэлиэтииллэр — ким мааны остуол тэрийэр, ким айылҕаҕа тахсар, ким табаарыстарын кытта мустар. Саха сирин олохтоохторо Сомоҕолоһуу күнүн араас эригийиэннэри түмэн, бу маннык дьыалабыай пуорумунан бэлиэтиирэ — кэрэхсэбиллээх. Өрөспүүбүлүкэ норуоттары түмэр дириҥ силистээх үгэстэрдээх. Олортон аҕыйаҕы холобурдаатахха, туостан туһалаах араас сахалыы тыыннаах оҥоһуктары оҥорон таһаараллара буолар. Оттон туоһу кытта нуучча хатыҥын сибээстээтэххэ, норуоттары сомоҕолуур олус интэриэһинэй сибээс тахсан кэлэр. Эбэтэр сахалар сылгыга сүгүрүйэр Дьөһөгөй Айыылаахтар. Сахалар сылгы сиэлин туһаҕа таһааран, араас харысхаллаах оҥоһуктары оҥороллор. Саха сиригэр сылгы иитиитин кытта сибээстээх үгүс Азия норуоттара олороллор. Бу маннык биир-биирдии ыллахха, норуоттары сомоҕолуур, түмэр араас үгэс үгүс. Бу эппиппин барытын туһанан, араас холбоһуктаах тэрээһиннэри ыытан, норуоттары түмэр хайысхалаах араас үлэни ыытан, омуктары биир тыынныахха сөп.диэн санаатын тиэртэ Андрей Худолеев.
«Симэх» галерея салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ национальнай култуурунай түмсүүлэри кытта өрөспүүбүлүкэтээҕи үлэни аан бастакынан сүрүннээбит Яна Игнатьева бэлиэтээбитинэн, 2014 сыллаахха
«Диалог народов — диалог культур» диэн Саха сирин норуоттарын түмпүт 5-с төгүлүн ыытыллар тэрээһин быйылгыттан ыла аны Уһук Илин эрэгийиэннэрин түмэр этническэй пуорум таһымыгар тиийдэ. Онон бу суолталаах тэрээһин сылтан сыл аайы сайдан иһэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: