Ыччат спартакиадатын сүүмэрдиир түһүмэҕэ саҕаланыа

Share

Горнай улууһугар Аһыма сэлиэнньэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат спартакиадатынан сүүмэрдиир күрэхтэһиилэр саҕаланыахтара.

«Боотур» добровольческай этэрээт аатынан бириискэ улуустарга сүүмэрдиир күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара.
«Сэтинньи 12 күнүгэр Аһымаҕа Горнай улууһун тоҕус нэһилиэгиттэн спортсменнар күрэхтэһиэхтэрэ. Түһүлгэҕэ 100-тэн тахса юниор күөн көрсүө. Билигин спортивнай былаһааккалар, тэрилинэн хааччыллыылар хайдахтарын бэрэбиэркэлиибит«, — диэн улуустааҕы ыччат бэлиитикэтин управлениетыттан иһитиннэрдилэр.
Оройуоннарга былаһааккалары талыы, волонтердары тардыы, куттал суох буолуутун хааччыйыы уонна сэлиэнньэлэргэ, куорат тастарыгар хамаандалар икки ардыларыгар күрэхтэһиигэ мэдиссиинэ арыаллааһынын боппуруостара быһаарыллаллар. Ахсынньы 8-10 күннэригэр буолар түмүктүүр түһүмэх кыттыылаахтарын сэтинньи 29 күнүгэр диэри чопчулуохтара.
«Спартакиада сыала-соруга ыччаты байыаннай-патриотическай иитиигэ, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ бэйэлэрин баҕаларынан кыттааччылары өйүүргэ, туһаайылынна. Оттон далааһыннаахтык тэрээһин ыччаты успуордунан тиһиктээхтик дьарыктанарга угуйуо«, — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бэлиэтиир.
Спартакиада бырагырааматыгар баскетбол, сыал ытыыта, хабылык уонна хаамыска, байыаннай эстэпиэтэ, канат тардыһыыта бааллар. Хас биирдии хамаандаҕа 11 спортсмен уонна үстүү бэрэстэбиитэл — тириэньэр бааллар.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

6 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

7 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

7 часов ago