Ыччат уонна дьахталлар түмсүүлэрэ — «Колмар» тирэҕэ
«Колмар» таас чоҕу хостуур хампаанньа офиһыгар бэрт сэргэх көрсүһүү буолан ааста. Ол курдук, хампаанньа иһинэн ыччаттар уонна дьахталлар түмсүүлэрэ тэриллэн, бэрт сэргэхтик үлэлииллэр, хампаанньа сайдыытыгар тирэҕинэн буолаллар.
Ыччат түмсүүтэ үлэтин сүрүн хайысхаларынан үөрэхтээһин, айар үлэ, социальнай хайысха, идэҕэ бэлэмнээһин буолаллар. Хампаанньаҕа үлэлиир ыччаты үп-харчы эйгэтигэр сыһыараллар, тустаах билиини иҥэрэллэр. Муусуканан, үҥкүүнэн дьарыктанан, куорат тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлар. Шахтердары үлэ кэнниттэн көрсүү сиэрин, велобырайыагы тэрийэллэрин сөбүлүүллэр.
Бэйэлэрин идэлэрин туһунан оскуола үөрэнээччилэригэр кэпсииллэр. Онон идэҕэ туһаайыы үлэтигэр сонун сүүрээннэри киллэрэллэр.
Дьахталлар түмсүүлэрэ эмиэ олус тэрээһиннээх эбит. Туох-ханнык иннинэ шахтердар кэргэттэрин социализациялааһыҥҥа болҕомтолорун уурбуттар. Саамай кэрэхсэбиллээҕэ аһымал тэрээһиннэри ыытыылара буолар. Уопсайынан, ыарахан үлэҕэ сылдьар эр дьон кэргэттэрэ олоххо дьулуурдаах, тулуурдаах буолалларыгар болҕомто ууруллубут.
Бу түмсүүлэр бааллара хампаанньа олоҕун эмиэ сэргэхситэр, үлэҕэ өрө күүрдэр, түмэр.
Ол да иһин бу көрсүһүүгэ түмсүүлэр ыыппыт үлэлэрин көрдөрдүлэр. Онуоха көрсүһүүгэ Анна Цивилева кыттыыта олус үрдүк оруоллаах буолла. Анна Евгеньевна түмсүүлэр үлэлэрин бэркэ сэргээн иһиттэ. Хайдах салгыы үлэлиэххэ сөбүгэр сүбэ-ама биэрдэ. Онон ыччат уонна дьахталлар түмсүүлэрэ сүрдээҕин сүргэлэрэ өрө көтөҕүлүннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: