Ыччат уонна дьахталлар түмсүүлэрэ — «Колмар» тирэҕэ

Share

«Колмар» таас чоҕу хостуур хампаанньа офиһыгар бэрт сэргэх көрсүһүү буолан ааста. Ол курдук, хампаанньа иһинэн ыччаттар уонна дьахталлар түмсүүлэрэ тэриллэн, бэрт сэргэхтик үлэлииллэр, хампаанньа сайдыытыгар тирэҕинэн буолаллар.

Ыччат түмсүүтэ үлэтин сүрүн хайысхаларынан үөрэхтээһин, айар үлэ, социальнай хайысха, идэҕэ бэлэмнээһин буолаллар. Хампаанньаҕа үлэлиир ыччаты үп-харчы эйгэтигэр сыһыараллар, тустаах билиини иҥэрэллэр. Муусуканан, үҥкүүнэн дьарыктанан, куорат тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлар. Шахтердары үлэ кэнниттэн көрсүү сиэрин, велобырайыагы тэрийэллэрин сөбүлүүллэр.

Хаартыска: хампаанньа пресс-сулууспатын хаартыскалара.

Бэйэлэрин идэлэрин туһунан оскуола үөрэнээччилэригэр кэпсииллэр. Онон идэҕэ туһаайыы үлэтигэр сонун сүүрээннэри киллэрэллэр.
Дьахталлар түмсүүлэрэ  эмиэ олус тэрээһиннээх эбит. Туох-ханнык иннинэ шахтердар кэргэттэрин социализациялааһыҥҥа болҕомтолорун уурбуттар. Саамай кэрэхсэбиллээҕэ аһымал тэрээһиннэри ыытыылара буолар. Уопсайынан, ыарахан үлэҕэ сылдьар эр дьон кэргэттэрэ олоххо дьулуурдаах, тулуурдаах буолалларыгар болҕомто ууруллубут.
Бу түмсүүлэр бааллара хампаанньа олоҕун эмиэ сэргэхситэр, үлэҕэ өрө күүрдэр, түмэр.
Ол да иһин бу көрсүһүүгэ түмсүүлэр ыыппыт үлэлэрин көрдөрдүлэр. Онуоха көрсүһүүгэ Анна  Цивилева кыттыыта олус үрдүк оруоллаах буолла. Анна Евгеньевна түмсүүлэр үлэлэрин бэркэ сэргээн иһиттэ. Хайдах салгыы үлэлиэххэ сөбүгэр сүбэ-ама биэрдэ. Онон ыччат уонна дьахталлар түмсүүлэрэ сүрдээҕин сүргэлэрэ өрө көтөҕүлүннэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago