Ыччаттар «Муус устар» бэстибээлгэ бэлэмнэнэллэр
Былырыын бэстибээлгэ «Ыччат бастыҥ оройуона» номинацияны олохтообуттара. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас уонна Булуҥ оройуоннара ааттаммыттара. Мэҥэ Хаҥалас 2 мөл.солкуобайынан, Булуҥ 1 мөл. солкуобайынан наҕараадаламмыттара.
«Муус устар -2024» ыччат бэстибээлигэр бэлэмнэниигэ анаммыт пресс-кэмпириэнсийэҕэ хайдах бэлэмнэмиттэрин сэһэргээтилэр. «Улууспутугар сүүмэрдээһин ыыттыбыт. Сүрүн сыалынан улууспутун көрдөрүү буолар», — диэтэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччы Альбина Григорьева.
Кини тыа хаһаайыстыбатын оройуона буолалларын быһыытынан «Эдэр аграрий» куонкуруһу сэргээбиттэрин эттэ.
Булуҥ оройуонун баһылыгын солбуйааччы Владимир Милославскай бу тэрээһин ыччакка бэлиэ түгэнинэн буоларын бэлиэтээтэ.
«Арктикаҕа сүрүн кыһалҕа — күн-дьыл уустуга. Былырыын оҕолор сорох тректэргэ нэһиилэ баттаһан кэлбиттэрэ, хата, куонкурустарга барытыгар кыттыбыттара», — диэтэ Владимир Милославскай.
Ыраах улуустан Дьокуускайга кэлэрбит ыарахан этэ. Онон Саха сирин Бырабыыталыстыбатыгар уонна Ыччат министиэристибэтигэр махтанабыт. Кыайыыбыт биһиэхэ үгүс кыахтары арыйбыта, холобур, инвестицияны тардыыга. Былырыын ыччакка Креативнай индустрия киинин арыйбыппыт. Кыайбыппытын кэннэ Саха сирин Ил Дархана ыччаты кытта көрсүбүтэ», — диэн чопчулаата Владимир Германович.
Быйылгы бэстибээл 10 тахса хайысхалаах.
«Муус устар» бэстибээл пресс-киинэ
Анатолий Шестаков түһэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: