Ыччаты иитии бастыҥ холобура

Ыччаты иитии бастыҥ холобура

Ааптар:
27.11.2022, 10:30
Бөлөххө киир:

Уус Алдаҥҥа Тумул орто оскуолатыгар аҕыйах сыл үлэлээбит кэммэр, Аммосова Елена Петровна иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччынан бэрт дьиктитик, атыттарга маарыннаабат ис-хоһоонноохтук, атын хайысханан оҕону иитии кэскиллээх олугун уура сылдьар эбит этэ.

Оччолорго  сэбиэскэй тутул бүтэһик сыллара буоларын өссө да билэ илик этибит. Оскуо­лаларга пионерскай горн, барабаан тэтимнээх тыаһынан оҕо-аймах кыһыл хаалтыстаах, знамя тутан киэҥ саалаларга линейкалыыр, сити­һиитин араа­пардыыр ньиргиэрдээх, умсугутуулаах күннэрэ-дьыллара этилэр. Ордук далааһыннаах үлэни, тускул­лаах хардыылары Елена Петровна салалтатынан улахан кылаас оҕолоро ыыталлара. Маҥнайгы сүһүөх хомсомуол кэмитиэтэ, баһаарынайдар эдэр дуруһууналара, пионердар этэрээттэрэ. Онно барытыгар оскуола оҕолоро бэриниилээхтик, ис дууһаларыттан аһыллан туран үлэлииллэрэ, үөрэхтэн ордор бириэмэлэрин барытын ол бэйэни салайыныы диэн ис хоһоонноох хайысханы чопчу тутан, ис дьиҥин өйдөөн туран, биир тэтиминэн, биир тыынынан ситимнэнэн сылдьаллара. Билигин санаатахха, учууталлар бэйэлэрин биридимиэттэрин үөрэтэн баран холкутук сылдьыбыттар эбит. Оннооҕор кы­­лаас салайааччылара тэрээһиннэрин оҕолор бэйэлэрэ ыыталлар этэ. Оскуола үрдүнэн ыытыллар бырааһынньыктааҕы биэчэрдэри барытын оҕолор бэйэлэрэ сценарийдаан, саалаларын киэргэтэн олус интэриэһинэйдик, умсугутуулаахтык ыыталлара, учууталлар онно сынньана-дуоһуйа кэлэрбит, төрөппүттэр эмиэ астынан, үөрэн-көтөн бараллара. Туһааннаах дааталарга бэлэм­ниир тэрээһиннэрин оҕолор ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйдаабыт буолаллара, хантан эрэ киһи үөйбэтэх өттүттэн араас атрибуттары булбут, аҕалбыт буолан сөхтөрөллөрө да, соһуталлара, үөр­дэллэрэ даҕаны. Холобура, мин оҕом Женя Кыайыы күнүгэр хантан эрэ патефон булбут этэ, онно Аҕа дойду сэриитин саҕанааҕы ырыалар грамм-пластинкаларын эрийэн иһитиннэрбитэ өйбүттэн арахпат. Ол ырыаларын быыһыгар ыытааччы буолан Улуу сэрии бэтэрээннэрин эҕэрдэлиир. Биир тэрээһиннэригэр сөмөлүөт салонун оҥорбуттар этэ, пилот Миша Габышев штурвалга олорор, пассажирдар – бары кэлбит оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр. Стюардесса кыргыттар бодунуос­ка “Взлет” кэмпиэти тарҕаталлар, сөмөлүөппүт Новосибирскайга түһэр, сапыраапкалар, онтон салгыы дойдубут киин куоратыгар Москва туһаайыытынан көтөр. Ол аайы көтөр аалбыт тыаһа-ууһа оруобуна дьиҥнээх, дьэ булан оҥорор оҕолор этилэр. Оччолорго интэриниэт суоҕар сөҕүмэрдик толкуйдууллар этэ. Шапито цииркэтин оҥорбуттара эмиэ уһулуччу интэриэһинэй этэ. Итинник хас тиэмэлээх тэрээһин аайы көстүүмнэрин Елена Петровна түүннэри үксүн бэйэтэ тигэр эбит этэ. Уолаттар инструментальнай аркыастыр тэриммиттэригэр көстүүмнэрин олус муодунай гына тигэн кэтэрдибитин өйдүүбүн. Онтон фуражканы тикпэтэ биллэр, Женя Барашков Павликтыын “командировкаҕа” баран куораттан баһаарынньык­тар знамяларын, фуражкаларын, документацияларын булан таһаарбыттара, улахан киһи курдук ылыннарыылаахтык кэпсэтэн ылбыт буолуохтаахтар. Оҕом ол документацияттан көрөн, үөрэнэн киэһэ аайы оскуола хочуолуна­йын баран бэрэбиэркэлээн баран эрэ утуйар этэ. Хачыгаардар арыгы иһэн кэбиһэр түгэннэрэ баар суол буоллаҕа. Ити курдук таҥастаах бэнидиэнньиктээҕи линейкэлэр олус көхтөөхтүк, көстүүлээхтик уонна оҕону бэрээдэктиир байыаннай быһыылаахтык ыытыллаллара. Онуоха оскуола военруга И.А.Халдеев хаачыстыбалаах үлэни ыытара, Елена Петровна тутуһар идео­логиятыгар төһүү күүс буолара. Оҕолор кыра саастарыттан ба­­йыаннай хаамыыттан саҕалаан, биир тэҥ формалаах линейкэҕэ киирэллэрэ, араапар биэрэллэрэ кинилэри инники олохторугар бэйэни дьоһуннаахтык тутта-хапта сылдьарга, сүрүн үөстээх (стержень) буоларга иитэр суолталааҕа биллэр суол.

Педагог киһи быһыытынан Елена Петровна итинник ха­­йысхалаах үлэтин түмүгэ иитэн таһаар­быт ыччата олоххо сөптөөх суолу тутуһа сылдьарын, Сойуус ыһыллыытын түмүгэр дойду үрдүнэн элбэх ыччат буккуллуу, муор-туор сылдьыыга тии­йии, арҕаа дойду идеологиятын тутуһуу курдук сыыһа ыллыгынан барбатаҕын бэлиэ­тиэм этэ. Елена Петровна оскуолаттан барбытын да кэннэ, оҕолор сибээстэрин быспаттар, ­дьиэтин аанын саппаттар, оннооҕор Тумулга кэлэн сайылаан, сынньанан, отонноон барарыгар анаан кыракый дьиэ тутан биэрбиттэрэ да элбэҕи этэр.

Иитэн-такайан таһаарбыт оҕолоруттан Василий Алексеев билигин элбэх сыл устата төрөөбүт-үөскээбит Бороҕонун нэһилиэгин салайа сылдьар уонна улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр бастыҥ баһылык буолла. Оттон киэҥ хардыылаах урбаанньыт Петр Алексеев үбүнэн көмөлөһөн, нэһилиэк духуобунай сайдыытыгар туһааннаах улахан, улуукан да диэххэ сөптөөх тутуулары, өйдөбүнньүк мэҥэлэри норуок­ка утары ууннулар. Бу буолар ыччаты киһилии киһи сиэригэр иитии, киэҥ кэскили тэрийии. Уолаттар үйэлэргэ умнуллубат гына албан ааттарын ааттаттылар. Елена Петровна атын да оҕолоро үтүөкэн дьон буолан, үүммүт үйэҕэ кэскиллээхтик, чиҥник үктээн сылдьаллар – Петр, Семен, Николай, Мария Васильевтар, Айталина Яковлева, Августина Слепцова, Павел Барашков, Татьяна Ильина, Илья Петухов, Андрей Халдеев о.д.а.

Дойдуга улахан уларыйыылар буола тураллар, онно көрдөххө ыһыллыы саҕанааҕы кэмҥэ ис үөстэрин (стерженнэрин) сүтэрбэтэх ыччаттар бу тирээн кэлбит арҕаа дойдулар куорҕаллыылларын уйан, сөпкө дьаһанар дьон – ол сэбиэскэй кэмҥэ буһан-хатарыллан тахсыбыт өссө да олох үөһүгэр сылдьааччы оччотооҕу ыччат буолар диэн бигэ эрэл­лээхпин уонна Елена Петровна курдук бэриниилээхтик, сөптөөх хайысханы тутуһан оҕону ииппит бастыҥ патриот-педагог үлэтин уопутун чинчийэн көрүөххэ, сөпкө сыаналыахха уонна тарҕатыахха баара диэн санаа­лаахпын. Оннук да буолан бу күннэргэ 50-чэ саастаах эр бэртэрэ төрөппүт уолаттарын кытта биир кэккэҕэ Ийэ дойдуну көмүскүү саа-саадах туттулар, патриотизм туһунан хаһааҥҥытааҕар да күүскэ кэпсэтэр буоллубут.

Елена Петровна оскуола оҕото бэйэни салайыныыга үлэтин сүнньүнэн 1988-1989 үөрэх дьылыгар Тумул орто оскуолатыгар өрөспүүбүлүкэ сэминээрин ыыппыта. Онно кэлбит оскуо­лалар салайааччыларын таһыр­дьаттан улахан кылаас уолаттара утары көрсөн киллэрбиттэригэр, ол дьон оҕолорбутун учууталлар курдук көрбүттэрин кэпсиил­лэрэ. Кинилэр оччо дьоһун­наах, хаалтыстаах, көстүүмнээх этилэр буоллаҕа. Сэминээри ол курдук киирэр аантан саҕа­лаан оҕолор, сүрүннээн уолаттар күн устата бэйэлэрэ ыыппыттара. Кэлбит кыттааччылар оҕолор дьоһуннаахтарын, көҥүл уонна үрдүк култууралаах саҥарар кыах­таахтарын сөҕөн хайҕаабыттара, биһирээбиттэрэ умнуллубат. Оччотооҕу учууталлар квалификацияларын үрдэтэр үнүстүтүүт ити үлэҕэ куратора, билигин да сүрэҕин баҕатынан оҕо аймах хамсааһыныгар утумнаахтык дьарыктанар, СӨ үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин ыччат бэлии­тикэтин эйгэтин бочуоттаах үлэһитэ Ильина Татьяна Михайловна ол сэминээргэ кыттыбыта уонна өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр сырдаппыта. Бу кэмнэргэ Татьяна Михайловна 90-с сыллардаа­ҕы “Эркээйи” бырагырааматын олох хаамыытынан көрөн уларытан, тупсаран “Эркээйи эргии­рэ” диэн ааттаан, өрөспүүбүлүкэбит оҕолорун уопсастыбаннай холбоһуктарын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлинээн, аспи­раан Г.И.Охлопковтыын сүрүннээччи быһыытынан оҥорон таһаардылар, ол буолаары турар саха тылын уонна литэрэтии­рэтин учууталларын сийиэһигэр дьүүлгэ турара буоллар, тускул­лаах буолуо этэ, саха оҕото омук быһыытынан уратытын күүһүнэн иитиллэн, сайдан, кэлэр кэскили уһансыа этэ. “Эркээйи эргиирэ” бырагыраамаҕа элбэх учуонай педагогтар, инники сылдьар иитээччилэр, уһуйааччылар кыттыс­тылар. Онуоха аргыс буолан, доҕуһуоллаан Елена Петровна Аммосова иитэн таһаарбыт 70-90 сыллардааҕы ыччаттара, сэбиэс­кэй тутул ыһыллыан иннинээҕи күүрээннээх үлэлэрин туһунан дьоһун кинигэ оҥорон таһаарар кэмнэрэ кэллэ диибин, бүгүҥҥү сэрии саҕаланыан иннинэ тоҕо эрэ эйэлээх кэмҥэ, сэбиэскэй аармыйаҕа эстибит снарядтан контузия ылан, ол содулуттан эрдэ олохтон барбыт комсомолец Женя Горохов ийэтэ. Сойууска хомсомуол ыччаты сирдиир-салайар сүрүн тэрилтэ баар эрдэҕинэ Елена Петровна уолаттара Уус Алдан оройуонун хомсомуолун кэмитиэтигэр инструктор быһыытынан үлэлии сылдьан сулууспаҕа ыҥырыллан барыталыыр этилэр, ол иһигэр мин оҕом Женя.

Наталья МОРДОВСКАЯ,

СӨ култууратын туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: