Ыччаты түмэр, патриотическай хайысхалаах сэминээргэ
Бүгүн, ахсынньы 13 күнүгэр, Дьокуускай куорат Инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолатыгар сэминээр-сугулаан аһыллыытыгар СӨ Ыччат бэлиитикэтин уонна социальнай коммуникацияларын миниистирэ Петр Шамаев үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйда.
Тэрээһин хас да хайысханан арахсан үлэлиир. Сэминээр кыттыылаахтара номнуо үһүс күннэрин кытталлар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэтээҕи «МУУС УСТАР» бэстибээл уонна кэлэр сайын ыытыллыахтаах «Азия оҕолоро» норуоттар оонньууларын бырайыактарын кэпсэтиһии, гражданскай уопсастыбаны сайыннарыыга туһуламмыт олоххо киирбит бастыҥ бырайыактарга сайаапка түһэриигэ маастар-кылаас, сэминээр-тренинг ыытыллыаҕа.
Маны таһынан, тэрээһиҥҥэ «Основы патриотического воспитания в РС(Я)» диэн методическай хомуурунньук сүрэхтэниэҕэ. Итиэннэ сааһын ситэ илик оҕолор буруйу оҥорууларын сэрэтиигэ туспа болҕомто ууруллан, сэминээргэ сааһын ситэ илик оҕолор сокуоннай бырааптарын, интэриэстэрин көрөр-истэр нодзуор салаатын борокуруора М.А.Титов кэлиэҕэ. Федеральнай таһымнаах эспиэр Николай Бажитов кыттыыны ылыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: