Үчүгэй даҕаны үөрүүгэ кыттыһар…

Share

Саха сиригэр муус устар 2 күнүгэр бэлиэтэнэр Гражданскай актыбыыс күнүгэр  Дьокуускай куорат Ю.А.Гагарин аатынан Култуура киинин таас уораҕайыгар  олус сэргэх, баай ис хоһоонноох тэрээһин ыытылынна.Бу күн өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан “Дууһабытынан эдэрбит” эрэгийиэннээҕи киин “Үрүҥ көмүс” волонтердара мустан, үтүө үгэскэ кубулуйбут Сомоҕолоһуу баалыгар кыттыыны ыллылар.

Баал корсеттаах кыраһыабай былаачыйалаах, бэрт чэпчэкитик дугунан классическай  муусуканан вальска эргийэр пааралар үҥкүүлэринэн саҕаламмыта олус кэрэ көстүү буолла, этэргэ дылы,  сааскын умнар курдуккун.

«Дууһабытынан эдэрбит» эрэгийиэннээҕи  киин салайааччыта Валентина Васильевна Сартаева-Васильева  «Сомоҕолоһуу» бырайыагынан тэриллибит бу бырааһынньыкка биир санаалаах 160-чэ волонтер мустан,  үрүҥ көмүс сааска тиийбит дьоммут сүргэлэрэ көтөҕүллэн ыллаан, үҥкүүлээн, эдэр саастарын эргитэн тарҕастылар.

Аҕам саастаах актыбыыс эбээлэр, эһээлэр хас биирдиилэрэ дьоҥҥо туһалаах, көмөлөөх буоларга дьулуһаллар, бу уустук кэмҥэ араас бырайыактарга үлэлэһэллэр, байыаннай  дьайыыга сылдьар байыастарга элбэх көмөнү оҥороллор.

Улахан  тэрээһиҥҥэ норуот дьокутаата, уопсастыбаннай үлэни мэлдьи өрө тутар Елена Голомарева, СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтиттэн Анастасия Ермолаева, бэтэрээннэр өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэлэриттэн Г.Н.Лебедева, «Аҕалар лигалара» эппиэттээх үлэһитэ Майя Аргунова, Добровольческай ресурс киинин салайааччыта Айыллаан Винокуров уо.д.а кыттыыны ыллылар. Тыл уонна эҕэрдэ этээччилэр «Дууһабытынан эдэрбит» («Молоды душой») киин үрүҥ көмүс волонтердара  дьоҥҥо көмөлөөх, туһалаах буоларга күннэтэ дьулуһан, төрөөбүт дойдуларын инники сайдыытыгар сомоҕолоһон элбэх  бырайыактарынан  үлэни ыыталларын биһирииллэриттэн,   өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээх киин быһыытынан сыаналаабыттарыттан сүргэбит өссө көтөҕүлүннэ.

Арассыыйа эрэгийиэнин  иһигэр киирбит бу улахан хамсааһыны биһиги биир дойдулаахпыт, Ньурба Хаҥалаһыттан төрүттээх өрөспүүбүлүкэҕэ  киэҥник биллэр лиидэр- салайааччы Валентина Васильевна Сартаева-Васильева салайан үлэлэтэр.

Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт салайааччылар, ыҥырыылаах ыалдьыттар  хас биирдиилэрэ Валентина Васильевна ыытан кэлбит үлэтигэр улахан сыанабылы биэрбиттэриттэн, биир дойдулаахпыт  дьону түмэр дьоҕура күн-дьыл эргииригэр бэриммэккэ өссө кэрэхсэтэн, киэҥ далааһыннанан иһэриттэн астынныбыт, киэн тутуннубут.   Чахчыта да,  Валентина Васильевна олоҕо —  дьон туһугар анаммыт олох.

Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгин «Алаас Хотуна» (сал.Адамова А.С.) түмсүүтэ сыл түмүгүнэн «Саамай актыыбынай түмсүү» диэн анал аатынан, түмсүү көхтөөх биир санаалаахтара  Федорова М.Г., Герасимова Р.С., Кутанова Л.В., Николаева М.Н. уо.д.а грамоталарынан, Махтал суруктарынан наҕараадаланнылар

«Дууһабытынан эдэрбит» киин «үрүҥ көмүс» волонтердарын үгэскэ кубулуйбут «Сомоҕолоһуу»  тэрээһиннэрин иһинэн, Арассыыйаҕа Саха сирэ холбоспутун чэрчитинэн ыытыллар балга   Хоруол уонна Королева анал  аакка бастыҥ үлэлээх «үрүҥ көмүс» волонтердар  тиксэллэр.  Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан бу үрдүк билиниини Хаҥалас Өктөмүттэн кэргэннии Ульяна, Виталий Осиповтар ыллылар. Чахчыта да, Ульяна Юрьевна,  Виталий Петрович бу олоххо олус көхтөөх,  кэнчээри ыччакка үтүө холобур буолар,  Арассыыйа таһымыгар тиийэ үлэлэһэр дьиэ кэргэн эбит.

Чаҕыл күннээх сааскы бырааһынньыкка, баалга киэргэнэн, тупсан кэлбит далбар хотуттар хас биирдиилэрэ ураты кэрэлэрэ, талааннара, чахчы да дууһаларынан эдэрдэрэ, сырдык санаалара олоххо саҥалыы көрүүнү, эрэли, эрчими биэрэр, дууһаҕын кынаттыыр. Тэрээһини норуот таптыыр ырыаһыттара, Бүлүүттэн кэлбит мелодист Иван Туласынов кэргэнэ  Еленалыын олус киэргэттилэр.

Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарын түмэр «үрүҥ көмүс волонтердар» кэскиллээх үлэлэрэ инникитин да төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит  сайдыытыгар биир сомоҕо күүс буолан үүнэ-сайда туруохтун. Бу аттыбытыгар сылдьар, күннээҕи олоххо көхтөөх аҕам саастаах дьоммутутугар махтанар Айыыһыт ыйа, үөрүүбүтүн  үллэстибит күммүт  аан дойду олоҕор эйэ холуубун көтүттүн.

Мария НИКОЛАЕВА.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура

Олоҥхо декадатыгар — «Бэйэ оонньуута»

Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар  аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…

41 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччы дьүөгэм Хотойук Айгыына

Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ  --  аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…

1 час ago
  • Сонуннар

Кэрэ сибэккинэн сэтинньи тымныытын сэргэхситэллэр

Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр  хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Прометей”: дьоһун оскуола — дьоһун саҕалааһын

Мин  соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей”  оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.)  сылдьан,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Экодьыктааҥҥа кыттарга ыҥыраллар

Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччылар мэтириэттэрин быыстапката аһылынна

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр сэтинньи 27 күнүгэр сарсыардаттан Афанасий…

4 часа ago