Үчүгэйдик аһаттахха, туртас элбиир
Нам оройуонугар “Кэҥкэмэ” уонна Амма оройуонугар “Күлүпчү” учаастактарын баазатыгар 12 сыл устата булт баайын элбэтиигэ биотэхиньиичэскэй тэрээһиннэр ыытыллыбыттар.
Ол курдук, кыһыҥҥы уонна сааскы кэмнэргэ кыыллары аһатыы, эбии аһатыыга сөптөөх усулуобуйаны тэрийии, аһы тарҕата уурарга сөптөөх былаһаакканы оҥоруу эҥин оҥоһуллубут. Ол түмүгэр туртас ахсаана эбиллибитэ бэлиэтэммит.
Бу туһунан Биологическай ресурсаларга уонна айылҕа харыстанар сирдэригэр департаменын исписэлиистэрэ бэлиэтииллэр. Ону фото-видео регистратордар түһэриилэрэ бигэргэппит. Онно олоҕуран эттэххэ, бэл, тоҕус туртас ас ууруллубут былаһааккатыгар аһыы кэлэр эбит. Онон бу учаастактарга Сибиир туртаһа олохсуйан эрэрэ уонна аттынааҕы сирдэргэ тарҕанан эрэрэ көстөр.
Управление исписэлиистэрэ бэлиэтииллэринэн, бу кыыллары харыстааһын, эбии аһатыы уонна биотэхиньиичэскэй тэрээһиннэр көмөлөрүнэн айылҕа харыстанар сирдэригэр-уоттарыгар уонна сыһыарыллыбыт булт хаһаайыстыбаларыгар элбиэн сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: