Үөдэй оскуолатын оҕолоро остуол оонньууларын баһылыыллар (видео)

Share

Маассабай успуордунан ыччаты уһуйуу — тыын боппуруос. 

Бу күннэргэ Ньурба улууһун Үөдэй нэһилиэгэр сахалыы остуол оонньууларыгар: хапсаҕайга, хабылыкка уонна хаамыскаҕа оскуола оҕолоругар маастар-кылаас буолан ааста. Тэрээһин туһунан нэһилиэк баһылыга Мария Николаева маннык кэпсиир:

Маастар-кылааһы успуорт маастара, уһун дистанцияҕа сүүрүүгэ маастарга хандьыдаат Анатолий Васильев ыытта.

Оҕолор хабылык уонна хаамыска оонньууну оонньууллар эрээри, бу көрүҥ араас кистэлэҥнэрин баһылыы иликтэр. Анатолий Васильев үөрэтиитин, эрчийиитин оҕолор эрэ буолбакка, оскуола үлэһиттэрэ эмиэ бэркэ сэргээн  көрдүлэр уонна араас албастарга үөрэннилэр. Учууталлар успуорт саалата, тириэньэр суох диэн олорбокко, кыаллар успуорт көрүҥнэригэр оҕолору эрчийиигэ маастардары  кытта кэпсэтэн маннык тэрээһиннэри ыыталлара оҕолорго олус туһалаах. Учууталлар салгыы бэйэлэрэ билии ылбыттарын туһанан оҕолору эрчийиэхтэрэ.  

Бу курдук успуорт саалата суох оскуолаҕа дуобаттаан, хабылыктаан, хаамыскалаан, теннистээн, хайыһардаан оҕолору успуорка сыһыарар сорук турар.

Успуорт маастара бэйэтинэн Үөдэйгэ кэлэн, оҕолору кыра саастарыттан сахалыы төрүт оонньууларга үөрэтэн барбытыгар махтанабыт.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

6 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

8 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

9 часов ago