Үөдүгэй олохтоохторо ойуур баһаарын бохсууга көмөлөрө муҥура суох
Бүгүҥҥү туругунан Үөһээ Бүлүү улууһугар 7 ойуур баһаара баар, 400-тэн тахса киһи уоту кытары охсуһар.
Өргүөт уонна Куду сэлиэнньэлэрин икки ардыгар турбут баһаары умуруорууга 100-тэн тахса киһи уонна 10 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар.
Кудуга ойуур баһаарын бохсууга үлэлии сылдьар дьону, итии аһынан-үөлүнэн олохтоох далбар хотуттар хааччыйаллар диэн Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Бүгүн Зоя Петрова салайааччылаах улуустааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбалара биир дьааһык кэнсиэрбэ, биир дьааһык түргэнник буһар лапсаны көмө быһыытынан тиксэрдэ.
Ону тэҥэ өрүү күүс-көмө, өйөбүл буолар Феодосия Михайлова салайааччылаах 7-с №-дээх «Остуоруйа» оҕо уһуйаанын кэлэктиибин үлэһиттэрэ бурдук ас арааһын өлгөмнүк астаан аҕаллылар.
Үөдүгэй нэһилиэгин олохтоохторо, өр сылларга олохтоох дьаһалтаҕа эҥкилэ суох үтүө суобастаахтык үлэлээбит Наталья Докторова, СӨ Бэчээтин туйгуна Оксана Халанникова тус оҕуруоттарыттан оҕурсу биэрдилэр.
Бу курдук Үөдүгэй нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ күн аайы ойуур баһаарын бохсууга ким-туох кыахтааҕынан көмөлөһөр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: