Үөһээ Бүлүү улууһугар бүгүҥҥү туругунан 7 ойуур баһаара баара биллэр.
Өргүөт нэһилиэгиттэн 1 км, оттон Куду сэлиэнньэтиттэн 2,5 км сиргэ турбут 20445 га иэннээх баһаары утары түүннэри-күнүстэри охсуһаллар. Сынньанары билбэккэ сыралаһа сылдьар дьоҥҥо Үөдүгэй дьаһалтатын уонна Куду кэрэ аҥардара икки симиэнэнэн арахсан, күн көтө-көтө суукканы быһа ас астаан аһаталлар.
Бу далбар хотуттар ас астаан ыраах барааччылары кытары ыһыктаан ыыталлар. Дьиэлэриттэн ыраах, күүстээх үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо төһө кыалларынан дьиэтээҕи эйгэни тэрийэн, итии миин, торуой, салаат, бурдук аһын арааһын уларыта сылдьан астыыллар диэн Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бүгүн кинилэргэ 4-с №-дээх «Сардаана» оҕо уһуйаанын кэлэктиибэ кыттыста. Үөдүгэйдэр дьиэлэригэр бурдук ас эгэлгэтин астаан ыыттылар. Ойуур баһаарын бохсууга бу курдук бары кытталлар.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…