Үөдүгэйгэ быыбарга уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр үлэлииллэр

Share

Үөһээ Бүлүү улууһун Үөдүгэй нэһилиэгин 80-с №-дээх быыбардыыр учаастагар Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбара бүгүн үһүс күнүн көхтөөхтүк барар. Бу учаастакка испииһэгинэн барыта 599 быыбардааччы баар.

Бүгүн сарсыарда 9 аҥаар чаастаах көрдөрүүнэн барыта 368 киһи, ол аата 61,44% куоластаан олорор.
Бу үс күн учаастактааҕы быыбар хамыыһыйатын кытары иккилии кэтээн көрөөччү быыбар хаамыытын, чиэһинэйдик ыытылларын кэтиир-маныыр. Итини таһынан быраабы уонна сокуону араҥаччылыыр уорган үлэһитэ бэрээдэги көрөр.

«Бүгүн үһүс күммүтүн Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар Үөдүгэй нэһилиэгин 80-с №-дээх быыбардыыр учаастагар кэтээн көрөөччүнэн олоробут. Бу үс күн иһигэр дьон-сэргэ быыбарга көхтөөхтүк кэлэн кытынна. Эдэр даҕаны, орто саастаах даҕаны дьон элбэх, бары үөрэ-көтө кэлэн куоластаатылар. Бүгүн, быыбар сүрүн күнүгэр, сарсыардаттан аҕам саастаах дьон кэлэн куоластыырын бэлиэтии көрдүбүт. Биһиги Уопсастыбаннай балаататтан кэтээччилэр Оксана Степановалыын иккиэбит. Быйыл быыбар тэрээһинэ үчүгэй, үһүс күнүн туох даҕаны быһылаана, кэһиитэ суох, этэҥҥэ ааһан эрэр диэххэ сөп. Учаастак иһигэр уопсай бэрээдэги полиция үлэһитэ Галина Син көрөр. Оттон Үөдүгэй нэһилиэгин 80-с №-дээх быыбардыыр учаастагын өр сылларга үлэлээбит, уопуттаах бэрэссэдээтэлэ Мария Семенова салайар», — диэн Уопсастыбаннай кэтээн көрөөччү Евдокия Николаева кэпсиир.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

28 минут ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

42 минуты ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

58 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

1 час ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

1 час ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago