Салгыы
Үөһээ Бүлүү Өргүөтүттэн дьону эвакуациялыырга быһаарыы ылылынна

Үөһээ Бүлүү Өргүөтүттэн дьону эвакуациялыырга быһаарыы ылылынна

Ааптар:
22.07.2024, 09:51
Хаартыска: Валерий Николаев ТГ-ханаалыттан
Бөлөххө киир:

От ыйын 15 күнүгэр бэлиэтэммит Нам нэһилиэгин Тарыҥ сиригэр турбут ойуур баһаара улаатан, 5727 га иэннээх сиргэ диэри тарҕанна. Билиҥҥи туругунан ойуур баһаара Өргүөт нэһилиэгин территориятыгар киирэн, нэһилиэктэн 6 км чугас сиргэ тиийдэ. Ойуур баһаарын бохсууга 47 киһи уонна 5 тиэхиньикэ үлэлиир.

Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.  Ыксаллаах быһыы хамыыһыйатын уонна олохтоох суһал ыстаап мунньаҕын түмүгүнэн Өргүөт нэһилиэгиттэн хат дьахталлары, инбэлииттэри, тыынар уорган ыарыһахтарын, аҕам саастаах дьону, оҕолору Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр көһөрүү туһунан быһаарыы ылылынна.

«Өргүөт ойуурун баһаара кураан, тыаллаах күннэргэ улаатан бэриммэккэ турарынан сибээстээн, уоту умуруорууга үлэһит дьон ирдэнэр. Ойуур баһаарын бохсууга кыттыһан, бары көмөлөөн ойуурдарбытын быыһыаҕыҥ!», – диэн улуус баһылыга Валерий Николаев ТГ-ханаалыгар суруйдулар.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
7
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: