Үөһээ Бүлүү Хоротугар оҕолору куйуурга илдьэ сылдьан үөрэттилэр
Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгин олохтоох балыксыттара оскуола оҕолорун куйуурга уһуйдулар.
Оҕо сылыгар туһуламмыт тэрээһин туһунан Хоро нэһилиэгин олохтооҕо, успуорт бэтэрээнэ Иван Яковлев бу курдук кэпсээтэ:
— Куйууру өрө туппут эһээлэр Константин Саввинов, Иван Яковлев, Василий Семенов, Андрей Спиридонов, аҕалар Константин, Спиридон Саввиновтар, Александр Илларионов, убайдар Никита, Платон Саввиновтар көҕүлээһиннэринэн, өйөөһүннэринэн Хоро орто оскуолатын 2-с кылааһын үөрэнээччилэригэр куйуур үгэһин билиһиннэрдибит. Оҕолорбутун кытта айылҕаҕа дуоһуйа сылдьан, балык бөҕө ылан, үөрэн-көтөн кэллибит. Арҕаа Күрэскэ диэри бидиргэх буолан, мүччүргэннээх айаҥҥа Василий Ефремов илдьэ сырытта. Куйууру көрдөрбүт дьоммутугар барыларыгар доруобуйаны, өссө да Күөх Боллох алы гынан бэрсэ турдун, өрүү илии тутуурдаах, өттүк харалаах буолуҥ диэн алгыспытын тиэрдэбит.
Оҕолорго маннык умнуллубат кэрэ түгэни бэлэхтээбит, удьуор утум дьарыктаах дьоннорбутугар, улахан да улахан махталбытын оҕолор, төрөппүттэр ааттарыттан тиэрдэбин. Кырачаан дьон наһаа астыннылар, күөлтэн тахсымаары, ойууртан кэлимээри бөҕөлөр. Барыбытыгар ирээппит биирдии биэдэрэ сибиэһэй собо буолла.
Ити курдук, күннээҕинэн кырачаан дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтээн туран, саха төрүт үгэһин билиһиннэрии – оҕоҕо Ийэ дойдуга тапталы иҥэрэрэ саарбаҕа суох.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: