Үөһээ Бүлүү Хоротугар оҕолору куйуурга илдьэ сылдьан үөрэттилэр

Share

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгин олохтоох балыксыттара оскуола оҕолорун куйуурга уһуйдулар.

Оҕо сылыгар туһуламмыт тэрээһин туһунан Хоро нэһилиэгин олохтооҕо, успуорт бэтэрээнэ Иван Яковлев бу курдук кэпсээтэ:

Куйууру өрө туппут эһээлэр Константин Саввинов, Иван Яковлев, Василий Семенов, Андрей Спиридонов, аҕалар Константин, Спиридон Саввиновтар, Александр Илларионов, убайдар Никита, Платон Саввиновтар көҕүлээһиннэринэн, өйөөһүннэринэн Хоро орто оскуолатын 2-с кылааһын үөрэнээччилэригэр куйуур үгэһин билиһиннэрдибит.  Оҕолорбутун кытта айылҕаҕа дуоһуйа сылдьан, балык бөҕө ылан, үөрэн-көтөн кэллибит. Арҕаа Күрэскэ диэри бидиргэх буолан, мүччүргэннээх айаҥҥа Василий Ефремов илдьэ сырытта. Куйууру көрдөрбүт дьоммутугар барыларыгар доруобуйаны, өссө да Күөх Боллох алы гынан бэрсэ турдун, өрүү илии тутуурдаах, өттүк харалаах буолуҥ диэн алгыспытын тиэрдэбит.

Оҕолорго маннык умнуллубат кэрэ түгэни бэлэхтээбит, удьуор утум дьарыктаах дьоннорбутугар, улахан да улахан махталбытын оҕолор, төрөппүттэр ааттарыттан тиэрдэбин. Кырачаан дьон наһаа астыннылар, күөлтэн тахсымаары, ойууртан кэлимээри бөҕөлөр. Барыбытыгар ирээппит биирдии биэдэрэ сибиэһэй собо буолла.

Ити курдук, күннээҕинэн кырачаан дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтээн туран, саха төрүт үгэһин билиһиннэрии – оҕоҕо Ийэ дойдуга тапталы иҥэрэрэ саарбаҕа суох.

What’s your Reaction?
+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

1 секунда ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Креативка киирии: АЛРОСА оҕо айар дьоҕурун өйүүр

АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөл харыйата Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттар

Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…

26 минут ago
  • Бэрээдэк

Бииргэ төрөөбүт эдьиийин аатыгар кирэдьиит оҥотторбута биллибит

Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр сэлиэнньэтин олохтооҕо дьахтар өрөспүүбүлүкэ борокуруора Максим Поповка көмө көрдөөн биллибит. Быһаарыллыбытынан,…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэнсийэ үрдүүрүгэр көтүтүллүбүт индексациялары учуоттуохтара

Арассыыйа социальнай пуондата үлэлиир гражданнарга биэнсийэни индексациялааһыны быһаарда. Индексацияны суоттааһыҥҥа 2016 сылтан ыла бары көтүтүллүбүт…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар туһунан кэпсэтии буолуоҕа

СӨ тырааныспар уонна суол Хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, социальнай…

1 час ago