Бэҕэһээ, муус устар 22 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр Мария Константинова-Эдьиий Морууса күн сирин көрбүт күнүгэр, истиҥник ахтан-санаан туран, олорбут дьиэтигэр мемориальнай дуоскаҕа сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Нам нэһилиэгин баһылыга Александр Кардашевскай, улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын салайааччыта Сардаана Ильинова, Үөдүгэйдээҕи сынньалаҥ киинин салайааччыта Виктория Павлова, Бүөтүр Тобуруокап түмэл уһаайбатын кэлэктиибэ, биир дьиэҕэ олорбут ыаллара, аймахтара уонна күрэххэ кытта кэлбит Бүлүү педкэллиэһин ыччатын ансаамбыла кыттыыны ыллылар. Мария Игнатьевна-Эдьиий Морууса олох очуругар оҕустаран, олорон хаалбакка, атыттарга холобур буолар дьоһун олоҕу олорон ааспыта. Кэрэ киһи аатын кэннигэр хаалларбыт айымньылара, ырыалара кинини албан ааттаан үйэтитиэхтэрэ.
Тэрээһиҥҥэ биир дойдулаахтара Мария Константинова-Эдьиий Морууса тыыннааҕар, 90 сааһыгар уһуллубут «Морууса» диэн киинэни көрөн, сүрүн түгэннэргэ тохтоон, ахтан-санаан аастылар. «Бу киинэ Эдьиий Моруусаны үйэтитиигэ биир сүдү бэлэх», диэн бэлиэтиир Үөһээ Бүлүү дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: