Үөһээ Бүлүү улууһугар 427 киһи баһаары утары охсуһар
Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаарын умуруорууга 427 киһи сылдьар. Ол иһигэр 293 киһи олохтоох нэһилиэнньэттэн. Бу туһунан улуус баһылыга Валерий Николаев иһитиннэрэр.
Баһылык бэлиэтээбитинэн, билигин нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суоһаабат.
«Улууспутугар сэттэ ойуур баһаара баар. Улахан баһаар Быракаан сиригэр-уотугар бэлиэтэнэр, уот хаппыт иэнэ 4 400 га. Түөрт ДТ-74 тыраахтар, булууктаах икки Агромаш, икки МТЗ-82 уоту умуруорууга үлэлииллэр. Билигин арҕаа, Өргүөт сэлиэнньэтин өттүттэн минерализованнай балаһаны оҥоруу үлэтэ ыытыллар. Соҕуруу, Быракаан өттүттэн Быракаан өрүскэ диэри минерализованнай балаһа оҥоһуллубута, харабыллааһын, уоту умуруоруу үлэтэ салҕанар«, — диэн этэр Валерий Николаев. Маны таһынан Кэнтиккэ, Оҥхойго, Үөдүгэйгэ, Сургуулукка, Намҥа, Харбалаахха ойуур баһаардара бааллар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыска Үөһээ Бүлүү баһылыга Валерий Николаев ТГ-ханаалыттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: