Үөһээ Бүлүү улууһугар 427  киһи баһаары утары охсуһар

Share

Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаарын умуруорууга 427 киһи сылдьар. Ол иһигэр 293 киһи олохтоох нэһилиэнньэттэн. Бу туһунан улуус баһылыга Валерий Николаев иһитиннэрэр.

Баһылык бэлиэтээбитинэн, билигин нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суоһаабат.

«Улууспутугар сэттэ ойуур баһаара баар. Улахан баһаар Быракаан сиригэр-уотугар бэлиэтэнэр, уот хаппыт иэнэ 4 400 га. Түөрт ДТ-74 тыраахтар, булууктаах икки  Агромаш, икки МТЗ-82 уоту умуруорууга үлэлииллэр. Билигин арҕаа, Өргүөт сэлиэнньэтин өттүттэн минерализованнай балаһаны оҥоруу үлэтэ ыытыллар. Соҕуруу, Быракаан өттүттэн Быракаан өрүскэ диэри минерализованнай балаһа оҥоһуллубута, харабыллааһын, уоту умуруоруу үлэтэ салҕанар«, — диэн этэр Валерий Николаев. Маны таһынан Кэнтиккэ, Оҥхойго, Үөдүгэйгэ, Сургуулукка, Намҥа, Харбалаахха ойуур баһаардара бааллар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыска Үөһээ Бүлүү баһылыга Валерий Николаев ТГ-ханаалыттан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago