Үөһээ Бүлүү улууһугар 7 ойуур баһаара баара бэлиэтэннэ

Share

Бүгүҥҥү туругунан Үөһээ Бүлүү улууһугар 7 ойуур баһаара баара биллэр.

Баһаары умуруорууга 335 киһи, ол иһигэр 50 десантник Тюмень уобалаһын «Авиалесохрана» тэрилтэтиттэн, 12 – Арассыыйа Ыксаллаах быһыытын-майгытын министиэристибэтин Кылаабынай салалтатыттан үлэлии сылдьаллар. Үөдүгэй нэһилиэгин баһаарын умуруорууга Дьокуускай куораттан эбии 15 устудьуону ыыттылар.
Саамай улахан баһаар Быракаан үрэҕэр сиригэр баар. Манна 117 киһи уонна 22 тиэхиньикэ үлэлиир. Оттон Үөдүгэй нэһилиэгин Муҥур Үрэҕэр турбут баһаарга 75 киһи уонна 10 тиэхиньикэ уоту кытары охсуһар. Бу баһаар Үөдүгэй (Андреевскай) нэһилиэгиттэн 10 км сиргэ баар.

Сургуулук нэһилиэгин Түҥэргэ турбут баһаарга 26 киһи уонна 5 тиэхиньикэ үлэлиир.

Өргүөт нэһилиэгиттэн 6 км, Куду сэлиэнньэтиттэн 8 км тэйиччи ойуур баһаара баар. Онно 88 киһи уонна 10 тиэхиньикэ баһаары утары охсуһа сылдьар.

Харбалаах нэһилиэгин Ньыкаагы диэн сиригэр турбут баһаарга 30 киһи уонна 3 тиэхиньикэ үлэлиир.

«От ыйын 23 күнүгэр 13:16 ч. Өргүөт нэһилиэгин Тонуочаан үрэҕэр саҥа баһаар тахсыбыта бэлиэтэннэ. Уот улахан сири сиэбитэ биллэр. Бу баһаар Өргүөттэ 60 км сиргэ турда. Итини таһынан эмиэ бэҕэһээ 11:55 ч. Быракаан нэһилиэгин Одунгда күөлүгэр ойуур баһаара тахсыбыта бэлиэтэннэ. Бу баһаар Быракаантан 44 км тэйиччи сиргэ турда. Баһаары умуруорууга киһи тиийбэт, онон биир дойдулаахтарбын көмөлөһөргүтүгэр ыҥырабын», — диэн Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев бүгүҥҥү балаһыанньаны кэпсээтэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

УГМС сэрэтэр: Күүстээх силлиэ тыал түһэрэ күүтүллэр

УГМС управлениетын иһитиннэриитинэн, от ыйын 5 күнүгэр Хаҥалас, Горнай, Алдан, Нерюнгри, Уус Маайа, Өймөкөөн, Томпо…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 44 тыһыынчаттан тахса дьиэ кэргэн тус сыаллаах хапытаалы ылла

Ил Дархан Айсен Николаев бигэргэппит “Үйэ оҕолоро” тус сыаллаах хапытаалы 2022 сылтан 44 744 дьиэ кэргэн…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга уонна улуустарга 500-тэн тахса киһи клещкэ ытыттарда

От ыйын 3 күнүнээҕи туругунан Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар клещкэ ытыттарыы 533 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, онтон…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: “Олоҥхо ыһыаҕа – Саха сирин уопсай национальнай бырааһынньыга”

Нерюнгри улууһугар Саха сирин  соҕуруу киин куората 50 сылыгар анаммыт Олоҥхо ыһыаҕа ыытылла турар. Өрөспүүбүлүкэ…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Бырдах, оҥоойу, күлүмэн — көмүскэнэргэ биир туһалаах ньыма

Быйыл дойду үгүс эрэгийиэнигэр олохтоохтор үөн-көйүүр ахсаана биллэ элбээбитин бэлиэтииллэр. Саха сирэ эмиэ онтон хаалсыбат.…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҥхо ыһыаҕа: Чульман дьахталлара сахалыы ыллыыллар

Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгин олохтоохторо Олоҥхо ыһыаҕар көхтөөх кыттыыны ыллылар. "Костер на снегу" ансаамбыл чилиэннэрэ…

59 минут ago