Үөһээ Бүлүү улууһугар Анегина Ильина аатынан Айар Дьиэ аһылынна
Үөһээ Бүлүү улууһун Хомустаах сэлиэнньэтигэр “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ” үтүө дьыалалар хамсааһын чэрчитинэн ССРС норуодунай артыыһа Анегина Ильина-Дмитриева аатынан Айар Дьиэ тутулунна.
1000-тан тахса кв.м. иэннээх култуура дьиэтигэр 150 миэстэлээх көрөөччү саалата, ураһа, куруһуоктар уонна устуудьуйалар хосторо, бибилэтиэкэ баар. Саҥа култуура эбийиэгэ сырдатар, тыаһы күүһүрдэр тэриллэринэн, компьютернай тиэхиньикэнэн хааччыллыбыт.
“Култуура дьиэтэ, чахчы норуот дьиэтэ диэн ааттаныан сөп, “Үтүө дьыала” бырагыраама нэһилиэктэр олохторун тупсарыыга үлэтин чаҕылхай холобура буолар. Бу эбийиэккэ дьон кэлэн талааннарын сайыннарыахтара, долгутуулаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара, көлүөнэлэр икки ардыларынааҕы сибээс бөҕөргүөҕэ», — диэтэ “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ” Үтүө дьыалалар хамсааһын салайааччыта Алексей Петров.
Бу тэрээһиҥҥэ Анегина Ильина-Дмитриева төрөөбүт дойдутугар бэйэтин үөрэнээччилэрин – саха оператын сүрүннүүр ырыаһыттарын кытта кэлэн ыалдьыттаата.
Тыа сиринээҕи Айар Дьиэ киэргэлинэн номох буолбут опера ырыаһытын чиэһигэр ааттаммыт алмаас куоппуйата буолла. Саҥа эбийиэк кини төрөөбүтэ 80 сылыгар үлэҕэ киирбитэ кэрэхсэбиллээх, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: