Хаартыска Валерий Николаев телеграмм-ханаалыттан
Үөһээ Бүлүү улууһугар быйыл сайын улахан ойуур баһаардара тураннар, ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ, уоту кытары охсуһуу күүскэ барар.
Бэҕэһээ уонна бүгүн Өргүөт, Быракаан нэһилиэктэригэр «Якутлесресурс» тэрилтэ дириэктэрэ Виктор Омуков уонна Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев баһаарынай пууннарга уоту утары охсуһааччылары кытта көрсөн балыһыанньаны билистилэр.
«Улахан баһаар турбут Өргүөт уонна Быракаан нэһилиэктэригэр оптоволокно ситимэ уокка сиэнэн интэриниэт, суотабай сибээс суох. Билигин уот ситимин (ЛЭП) ойуур баһаарыттан харыстааһын үлэтэ бара турар. Бэҕэһээ Өргүөт нэһилиэгин ойуурун баһаарыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Якутлесресурс» тэрилтэттэн 19 уопуттаах уоту умуруорааччы көмөлөһө кэллэ. Ойуур баһаара Өргүөт нэһилиэгэр киирэр куттала билиҥҥи туругунан суох. Бары күүһү уоту төгүрүтүүгэ, тутууга ыытабыт. Оттон Быракаан нэһилиэгэр ойуур баһаарын олохтоох нэһилиэнньэ итиэннэ Тюмень уобалаһыттан 25 «Авиалесоохрана» десантниктара, РФ ЫБММ 10 үлэһитэ, ону тэҥэ олохтоох ойуур харыстабылын үлэһиттэрэ уоту бохсоллор», — диэн улуус баһылыга кэпсиир.
Билиҥҥи туругунан Быракаан үрэҕин уҥуор көспүт уоту умуруорууга бары күүс ууруллар.
Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …