Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт сэлиэнньэтин чугаһыгар баһаар турда
Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэр ойуур баһаара бэҕэһээ киэһээ күөдьүйэн, аһаҕас уот таҕыста. Бу туһунан улуус дьаһалтатын телеграм ханаалыгар иһитиннэрдилэр.
— Бу сарсыарда ойуур харыстабылын, баһаарынай чаас эппиэттээх үлэһиттэрин кытта баһаары умуруоруу үлэтин сүбэлэстибит, дьону хомуйан Өргүөккэ айаннаатыбыт. Билигин былаан быһыытынан, оҥоһуллубут минерализованнай балаһалартан утары уоту ыытыы үлэтэ саҕаланар, — диэн улуус баһылыга Валерий Николаев иһитиннэрдэ.
ЫБММ Саха сиринээҕи управлениета суруйарынан, Үөһээ Бүлүү улууһугар тыал күүһүрэн, Өрүөттэн 4 км сиргэ айылҕа баһаара чугаһаата. Баһаар уопсай иэнэ 1 394 га. Уоту утары охсуһууга билигин 74 киһи уонна 11 техника үлэлиир. Баһаар нэһилиэнньэлээх пууҥҥа кутталы үөскэтэр түгэнигэр, ЫБММ эрэгийиэннээҕи управлениетын аэромобильнай биригээдэтэ Үөһээ Бүлүүгэ айанныырга бэлэм олорор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: