Үөһээ Бүлүү ытык мааны дьиэ кэргэттэрэ күөн көрүстүлэр
Дойдуга Дьиэ кэргэн, Саха Сиригэр Оҕо саас, Үөһээ Бүлүүгэ Түмсүү сылын чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин «Олонхо дьиэтэ» култуура киинигэр муус устар 13 күнүгэр дьиэ кэргэттэр ортолоругар «Мин дойдум — мин дьиэ кэргэним» улуустааҕы күрэс ыытылынна.
Бу туһунан Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар. Күрэх дьиэ-кэргэн сыаннаһын үрдэтиигэ, көлүөнэ сибээһин бөҕөргөтүүгэ, үтүө үгэстэри харыстааһыҥҥа ананна. Күөн күрэскэ барыта 8 нэһилиэктэн 8 саха ыала кыттыыны ыллылар. Сургулууктан – Чена уонна Александр Степановтар; Ороһуттан – Айталина Евсеева уонна Александр Семенов; Кэнтиктэн Антонина уонна Павел Константиновтар; Оҥхойтон – Зинаида уонна Николай Николаевтар; Тамалакааттан – Марианна Уонна Александр Саввиновтар; Хороттон – Мария Базюк уонна Егор Саввинов; Дүллүкүттэн – Ирина Томская уонна Константин Романятов; Үөһээ Бүлүүттэн – Хотууна уонна Ариан Яковлевтар.
Бастатан туран күрэх саҕаланыыта, уостубат тапталларынан 50 сыл өйдөһөн-өйөһөн, үтүө бэрэниилээхтик олорбут улуус тумус туттар саха ыалын эҕэрдэлээтилэр. Ол курдук, Өргүөт нэһилиэгиттэн Лидия Дмитриевна уонна Илларион Михайлович Лепчиковтар, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтиттэн Галина Афанасьевна уонна Георгий Михайлович Павловтар дьиэ кэргэттэр ыал буолбуттара 50 сылларын бэлиэтиир «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» бэлиэни туттулар. Кыһыл көмүс сыбаайбалаахтары Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытылыстыбатын иһинэн гражданнар туруктарын аахталарын суруйар салалта салайааччытын бастакы солбуйааччы Туйаара Такасаева эҕэрдэлээтэ. Улуус баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Уларова улуус дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэ суруктары туттарда.
Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэринэн Үөһээ Бүлүү улууһун Нэһилиэнньэ үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ улуустааҕы салалтата салайааччыта Екатерина Николаева, гражданнар туруктарын аахталарын суруйар Үөһээ Бүлүү улууһун салаатын салайааччыта Татьяна Кардашевская, Үөһээ Бүлүүтээҕи киин модельнай бибилэтиэкэ ааҕааччылары кытта үлэҕэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ Дария Павлова, «Үөһээ Бүлүү улууһа » МО дьаһалтатын дьиэ кэргэн отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Нина Семенова, «Константин Спиридонович Чиряев аатынан Норуот педагогикатын киинэ» эбии үөрэхтээһин тэрилтэ салайааччыта Раиса Васильева буоллулар.
Күрэхтэһии 4 түһүмэҕинэн ыытылынна: 1 түһүмэх — дьиэ кэргэни билиһиннэрии;
2 түһүмэх — «Киэн туттабын, сүгүрүйэбин» — төрөөбүт Ийэ дойдуга таптал туһунан; 3 түһүмэх — нэһилиэгим туһунан видеоролик; 4 түһүмэх — «Бары бииргэ» – талаан көрдөрүү.
Дьүүллүүр сүбэ күрэс түмүгүнэн 5 номинацияҕа кыайыылаахтары биллэрдилэр. «Оҕо ииттэр бастыҥ ыал» — Айталина Адамовна, Александр Васильевич Семеновтар дьиэ кэргэттэрэ; «Тыа сирин бастыҥ дьиэ кэргэнэ» — Хотууна Семеновна, Ариан Степанович Яковлевтар дьиэ кэргэттэрэ.
«Үтүө үгэстэри утумнааччы үйэтитээччи бастыҥ дьиэ кэргэн» — Антонина Васильевна, Павел Антонович Константинов дьиэ кэргэттэрэ; «Бастыҥ эдэр дьиэ кэргэнэ» – Мария Степановна, Егор Егорович Саввиновтар дьиэ кэргэттэрэ;«Элбэх оҕолоох бастыҥ дьиэ кэргэн» – Марианна Афанасьевна уонна Александр Семенович Саввиновтар.
Кыайыылаахтар өйдөбүнньүк бирииһинэн, харчынан сэртипикээттэринэн наҕараадаланнылар. «Мин дойдум — мин дьиэ кэргэним» улуустааҕы күрэхтэһии үрдүк таһымнаахтык ыытыллынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: