Дьокуускайдааҕы онкологическай диспансер искэн ыарыыларын эрдэттэн булууга үлэтин салгыыр. Быйыл онкологическай киин биригээдэтэ 12 улууска тиийиэхтээх: Алдаҥҥа, Аммаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Горнайга, Кэбээйигэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Нерюнгригэ, Ньурбаҕа, Өлүөхүмэҕэ, Томпоҕо, Уус Алдаҥҥа, Уус-Маайаҕа.
— Быйыл онкодесант номнуо Үөһээ Бүлүү улууһугар үлэлээбитэ. Ол түмүгэр 139 киһини көрбүттэриттэн, 107 киһи искэн килиэккэлэрин көрдүүргэ хаан анаалыһын туттарбыта, 110 киһиэхэ УЗИ оҥоһуллубута. Онтон өрөспүүбүлүкэтээҕи онкодиспансерга быһа көрдөрөргө 15 киһини ыыппыттара. Бу дьоҥҥо диспансер быраастара ситэри чинчийэн баран, чопчу диагнозтарын туруоруохтара уонна эмтээн барыахтара, — диэн Дьокуускайдааҕы онкологическай диспансер кылаабынай бырааһа Татьяна Николаева кэпсээтэ.
Муус устар 1-5 күннэригэр онкодиспансер быраастара Уус Алдаҥҥа тахсан үлэлиэхтэрэ.
Онкодесаҥҥа араас хайысхалаах исписэлиистэр бааллар: онкогинеколог, онкохирург, маммолог, эндоскопист, УЗИ бырааһа. Десант сүрүн соруга — искэн ыарыыларын эрдэ булан, киһи салгыы эмтэнэригэр усулуобуйаны оҥоруу буолар.
Онкодесаннар Бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн, улуустарга ыытыллаллар. Онон дьон ыраах айанныы сатаабакка, доруобуйаларын туругун бэрэбиэркэлэнэн, ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр кыахтаахтар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ. 1 ыстакаан -- 240 мл.…
Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…
Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…
Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…
Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…
Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…