Үөһээ Бүлүүгэ бары күүһү — баһаары утары үлэҕэ

Share

Быракаан нэһилиэгин территориятыгар 5380 га иэннээх ойуур баһаарын утары уопсайа 82 киһи, 20 тиэхиньикэ үлэлиир диэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Минерализованнай балаһаны оҥоруу үлэтэ бара турар, уот бохсуллар. «Кэнтик нэһилиэгин территориятыгар 585 га иэннээх ойуур баһаара бохсулунна. Баһаары уопсайа 15 киһи маныыр, 5 тиэхиньикэ үлэлиир. Оҥхой нэһилиэгин Хомустааҕар тахсыбыт 904 га иэннээх ойуур баһаара эмиэ бохсулунна. Уоту манааһыҥҥа уопсайа 32 киһи, ону тэҥэ 5 тиэхиньикэ үлэлиир.

Үөдүгэй нэһилиэгин Муҥу Күөл диэн сиригэр 875 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорууга уопсайа 29 киһи, 3 тиэхиньикэ үлэлиир. Сургуулук нэһилиэгиттэн 26 км тэйиччи сытар Түҥ диэн сиргэ ойуур баһаара 1725 га иэннээх сири сиэтэ. Ойуур баһаарын умуруорууна уопсайа 13 киһи үлэлиир.

Нам нэһилиэгин Тарыҥар, ҥӨргүөттэн 14 км тэйиччи сытар сиргэ ойуур баһаара бүгүҥҥү туругунан 1360 га иэннээх. Ойуур баһаарын умуруорууга 8 киһи, 1 Т-150 тыраахтыр үлэлиир», — диэн улуус баһылыга Валерий Николаев кэпсээтэ.

Санатар буоллахха, Үөһээ Бүлүү улууһугар от ыйын 18 күнүгэр БЕ-200 амфибия сөмөлүөт үлэлээбитэ. Билигин минерализованнай балаһалары оҥоруу, манааһын, уоту утары ыытыы үлэтэ барар.

Харбалаах нэһилиэгин Ньыкакы үрэҕэр турбут ойуур баһаарын иэнэ бүгүҥҥү туругунан 234 га. Ойуур баһаарын умуруорууга 25 киһи, 3 тиэхиньикэ үлэлиир. Кэнтик нэһилиэгэр Тоҥуо сиригэр тахсыбыт 6 га иэннээх саҥа турбут ойуур баһаарын «Авиалесохрана» тэрилтэ инструктора Дьулустаан Дмитриев салайааччылаах 6 киһилээх этэрээт умуруордулар.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

26 саастаах дьахтарга холуобунай дьыала көбүтүлүннэ

Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт  Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…

2 часа ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын хамаандалара «Путь воина» күрэхтэһии кубогын иһин киирсиэхтэрэ

Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…

3 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөнү уорбут

Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Өбүгэлэрбит хаһаас астара

Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиир

Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан Ил Дархан Айсен  Николаев уонна СӨ…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга снайпердар турнирдара буолуоҕа

Алтынньы 3-5 күннэригэр Дьокуускайга "Сулус" полигоҥҥа Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков аатынан "Бойобуой снайпинг" дьиссипилиинэҕэ…

5 часов ago