Үөһээ Бүлүүгэ бэҕэһээ өссө биир баһаар эбилиннэ

Share

Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 165 ойуур уонна икки атын категориялаах сиргэ баһаара баара бэлиэтэнэр. Суукка иһигэр 54 тыһ. гектар иэннээх сиргэ 10 баһаар умуруорулунна, 5 бохсулунна. Баһаары умуруорууга 1 832 киһи уонна 157 тиэхиньикэ үлэлиир.

ЫБММ Кылаабынай управлениетын ураты хонтуруолугар 10 ойуур баһаара тутуллар. Ол иһигэр Үөһээ Бүлүү улууһугар. Бэҕэһээ киэһэ бу улууска 21-с баһаар турбута бэлиэтэммитэ.

Үөһээ Бүлүү улууһун Булгунньахтаах (Хоро) сэлиэнньэтиттэн 5,2 км тэйиччи 585 га иэннээх сиргэ ойуур баһаара баар. Манна 49 киһи уонна 11 тиэхиньикэ үлэлиир. Харыйалаах (Кэнтик) сэлиэнньэтин хотугулуу-илин өттүгэр 5,1 км тэйиччи уоту бохсор күөл уонна боротуоха баар. Кулуһуннаах (Далыр) сэлиэнньэтиттэн 7,2 км тэйиччи 902 га сиргэ турбут ойуур баһаара кыайтарбакка турар. Манна 105 киһи уонна 8 тиэхиньикэ үлэлиир. Быракаан сэлиэнньэтиттэн 10 км тэйиччи 3 950 га иэннээх сиргэ эмиэ баар. 137 киһи уонна 15 тиэхиньикэ уоту кытары охсуһар. Ааспыт түүн түспүт дохсун ардах Быракаан аттынааҕы баһаары намыраппыт. Билигин уоту манааһын үлэтэ барар.

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев кэпсээбитинэн, Кэнтик нэһилиэгин территориятыгар 585 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүллэн турар. Баһаары манааһыҥҥа уопсайа 49 киһи үлэлиир, ону тэҥэ 9 УАЗ массыына уонна 1 вездеход үлэлиир.

«Ойуур баһаара төгүрүтүллэн, уоту манааһын барар. Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр 902 га иэннээх ойуур баһаара эмиэ бохсуллан турар. Уоту манааһыҥҥа уопсайа 105 киһи, 3 тыраахтыр, 5 УАЗ массыына үлэлииллэр. Үөдүгэй нэһилиэгин территориятыгар Муҥур Күөл диэн сиргэ 110 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорууга уопсайа 55 киһи уонна «ДТ-75» ттыраахтыр, 1 вездеход, 1 «Егерь» үлэлиир. Сургуулук нэһилиэгиттэн 26 км тэйиччи сытар Түҥҥэ эмиэ баһаар турбута бэлиэтэммитэ. Ойуур баһаарын умуруорууга уопсайа 13 киһи үлэлиир. Бэҕэһээ күнүс 12:45 чааска Нам сэлиэнньэтин Тарыҥ диэн сиригэр, Өргүөттэн 14 км тэйиччи, ойуур саҥа баһаара бэлиэтэннэ. Ойуур баһаарын умуруорууга 15 киһи таҕыста», — диэн Валерий Николаев кэпсээтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago