Үөһээ Бүлүүгэ Бүлүү өрүс кытылын бөҕөргөтүү үлэтэ салҕанар

Share

Кэнники сылларга Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аннынан өрүс кытыла улаханнык сиҥнэн, федеральнай үбүлээһин көрүллэн, бөҕөргөтүү үлэтэ барар.

Үлэ быйыл сааскыттан саҕаламмыта эрээри, өрүс уутун таһыма үрдээн, от ыйын бүтүүтүттэн сэтинньи саҥатыгар диэри тохтотуллубута. Билигин кытыл эниэтин көннөрүү барар. Бырайыак быһыытынан биэрэги бөҕөргөтүү – 2866 м, үрдүгэ 12,8 м буолуо.
Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүүгэ Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Үөһээ Бүлүү улууһугар тутуу барар былаһааккатыгар сылдьан, биэрэги оҥорооччулары кытары көрүстэ, үлэни-хамнаһы билистэ.


«Сайын Бүлүүтээҕи ГЭС  уутун ыытан уонна элбэх сөҥүү түһэн, уу таһыма үрдээн үлэ тохтотуу сылдьыбыта. Билигин көрөрбүт курдук, үлэ сөптөөх технологиянан салҕанан барар. Кытыл эниэтэ 2,8 км көннөрүллэрэ, гравий-кумах булкаһыга кутуллара уонна тааһынан бөҕөргөтөн геотекстиль ууруллара былааннанар. Үлэ түөрт учаастагынан араарыллан ыытыллар», – диэн кини эттэ.
Быйыл саас уонна сайын инертнэй матарыйааллар таһыллыбыттара. Хайа тааһа «Якутцемент» АУо карьерыттан Хаҥалас улууһун Мохсоҕоллооҕуттан таһыллар. Билиҥҥитэ 2-с уонна 3-с учаастактарга үлэ барар.


СӨ Халаан уутун содулун туоратыыга уонна чөлүгэр түһэрэр үлэни тэрийиигэ ситэриилээх дириэксийэтэ иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү туругунан 13 763 т таас таһылынна. Тааһы таһыыга 9 киһи, 7 тиэхиньикэ, ол иһигэр 40 т уйуктаах үс, 50 т уйуктаах үс самосвал массыына уонна биир погрузчик үлэлииллэр. 31 тыһ. куб. кумах кутулунна, онно 17 тиэхиньикэ, 20 киһи, 20 т уйуктаах 13 самосвал, икки бульдозер уонна 2 эскаватор үлэлиир.
Санатар буоллахха, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аннынан өрүһү бөҕөргөтүүгэ 781,6 мөл. солк. көрүллүбүтэ, ол иһигэр 733 мөл. солк. – федеральнай бүддьүөттэн, 48 мөл. солк. – өрөспүүбүлүкэттэн.


Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ эппитин курдук, бу бырайыак олоххо киириитэ 6 тыһ. киһи олоҕун харыстыырга туһуланар. Ааспыт уон сылга Бүлүү өрүс кытыла улаханнык сиҥнэн, олорор дьиэлэргэ уонна социальнай суолталаах эбийиэктэргэ чугаһаан кутталы үөскэппитэ. Судаарыстыбаннай хантараагы «Сахаспецмонтаж-95» хампаанньа толорор. Биэрэги бөҕөргөтүү үлэтэ 2024 с. бүтэрэ былааннанар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

12 часов ago