Салгыы
Үөһээ Бүлүүгэ «Дьоҕургун таба тайан» дьаарбаҥка буолуоҕа

Үөһээ Бүлүүгэ «Дьоҕургун таба тайан» дьаарбаҥка буолуоҕа

Ааптар:
28.08.2024, 11:30
Хаартыска: улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 2 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ Билии күнүн көрсө оҕолорго, төрөппүттэргэ анаан аан маҥнайгытын «Дьоҕургун таба тайан» улуустааҕы эбии үөрэхтээhинин тэрилтэлэрин дьаарбаҥката ыытыллыаҕа.

Бу дьаарбаҥканы тэрийиигэ атырдьах ыйын 26 күнүгэр улуус баһылыга Валерий Николаев сорудаҕынан тэрийэр хамыыһыйа сүбэ мунньаҕын тэрийдилэр. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Мунньахха эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин салайааччыларын кытта Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Уларова дьаарбаҥканы тэрийиигэ дьүүллэстилэр. Тэрээһин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Сиригэр Оҕо саас уонна Үөһээ Бүлүүгэ Түмсүү сылын чэрчитинэн ыытыллар. Дьаарбаҥкаҕа “Тускул” оҕо киинэ, Оҕо технопарката, К.С.Чиряев аатынан норуот педагогикатын түмэлэ, Боксаҕа оскуола, Оҕо спортивнай оскуолата, Н.И. Бойлохов аатынан оҕо искусствотын оскуолата, Оҕо бибилиэтиэкэтэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи история уонна этнография түмэлэ уонна да атын тэрилтэлэр кытталлара күүтүллэр.

Маны таhынан педагогтарга маастар-кылаастар, оҕолорго «Мин бастакы биисинэһим» атыы-эргиэн быыстапката, ону тэҥэ мини-футболга курэхтэhии буолуоҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: