Үөһээ Бүлүүгэ парашютистар уонна десантниктар тиийиэхтэрэ

Share

Бүгүн, от ыйын 19  күнүгэр, парашютистар уонна десантниктар Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур уотун умуруорууга бараллар. Бу бөлөх Уус Маайаттан тиийэр.

Бөлөххө Тюмень уобалаһыттан кэлбит 50 парашютист уонна десантниктар, олохтоох «Авиалесоохранаттан» 20 киһи бааллар.

Үөһээ Бүлүү улууһугар бүгүҥҥү күҥҥэ аҕыс баһаар бэлиэтэнэр. Уот хаппыт иэнэ 11 тыһ. гектартан тахса. Манна чугастааҕы 5 нэһилиэнньэлээх пуун киирэр. Икки ойуур баһаара бохсуллубут, умуруорууга үлэ ыытыллар.

«Синоптиктар этэллэринэн, манна чугастааҕы күннэргэ ардах түһэрэ күүтүллүбэт. Онон балаһыанньа уусутугуруон сөп. Билигин онно 200-тэн тахса киһи үлэлии сылдьар. Онтон 40% олохтоох дьон. Улуус олохтоохторо ойуур уотун умуруорууга турунан кытталлар. Түмсүүлээхтэр уонна сыралара түмүктээх буоларыгар соруналлар», — диир СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников.

Бэҕэһээ, от ыйын 18 күнүгэр, Өргөт сэлиэнньэтиттэн 12 км сиргэ РФ ЫБМ Бе-200  салгын аала үлэлээбитэ. Салгын аала бүгүн онно үлэтин салгыыр.

Саха сиригэр суукка саҕаланыыта 134 ойуур баһаара, 3 ландшафтнай баһаар баара бэлиэтэммитэ. Ойуур уотун умуруорууга 1800 кэриҥэ киһи, 100-тэн тахса тиэхиньикэ үлэлиир. Уоту умуруорууга Ми-8 бөртөлүөт үлэлиир, 16 борт ботурууллуур.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Билиэҥҥэ түбэспит уонна сураҕа суох сүппүт дьон оҕолоругар төлөбүр көрүллүөҕэ

Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…

9 минут ago
  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Маймаҕаҕа түөрт кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ

Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Саҥа дьыл кэлэн иһэрин һунтаардар абытайдык биллэрдибит быһыылаах…»

Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Халымаҕа 69 саастаах киһи ахсынньы ортотуттан сибээскэ тахса илик

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн -18-23°С кыраадыс буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…

2 часа ago