Үөһээ Бүлүүгэ эбии үөрэхтээһин үлэһиттэрин бастакы пуорума ыытыллыаҕа
Бэс ыйын 14-15 күннэригэр Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи эбии үөрэхтээһин систиэмэтин үлэһиттэрин «Педагог дополнительного образования: профессиональные вызовы – необходимые компетенции» диэн бастакы пуорума ыытыллыаҕа.
Тэрээһини СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ, Саха сирин эбии үөрэхтээһинин педагогтарын идэҕэ сатабылларын үрдэтэр уонна инники күөҥҥэ сылдьар уопуттары тарҕатар соруктаах ыытар.
Манна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин салайааччылара, педагогтара, мэтэдиистэрэ, улуустааҕы үөрэх управлениетын исписэлиистэрэ, биирдиилээн сэҥээрэр дьон кыттыахтара диэн этэллэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Спиридон Борбуев: “Пуорум Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин Түгэхтэй диэн сиригэр ыытыллыаҕа. Түгэхтэй бу икки күн оҕо эбии үөрэхтээһинин миэстэтигэр кубулуйуоҕа. Кыттааччыларга анаан үөрэх былаһааккалара, быыстапкалар, маастар-кылаастар, “төгүрүк остуоллар”, бырайыактыыр сиэссийэлэр, култуура бырагыраамаларабаар буолуохтара.
Бүгүҥҥү күн туругунан 20-тэн тахса улуус кыттарын туһунан сайаапкатын ыытта. Аан бастакытын ыытылларын быһыытынан, сэҥээрэр дьон элбэх. Эбии үөрэхтээһин хабар ыыра киэҥ. Манна ырыа, уруһуй, успуорт, байыаннай-патриотическай иитии, оҕо сынньалаҥын тэрээһинэ, лааҕыр, санаторий, технопаарка, уо.д.а. хайысхалар бары киирэллэр.
Кыттааччылары үөрэх тэрилтэлэринэн түһэриэхпит, аһатыахпыт. Тыһыынчаттан тахса киһи кэлэрэ сабаҕаланар, ыалдьыттары көрсөргө бэлэммит, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: