Салгыы
Үөһээ Бүлүүгэ икки дизель генератор айаннаата

Үөһээ Бүлүүгэ икки дизель генератор айаннаата

Ааптар:
24.07.2024, 16:15
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Ойуур баһаарыттан уот лииньийэтэ алдьанан, Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт уонна Быракаан биир тыһыынчаттан тахса киһилээх нэһилиэктэрэ уот суох хааллылар.

Уотунан хааччыйыыны нэһилиэктэргэ быстах кэмҥэ ОДьКХ  резервэтиттэн хааччыйаллар. Бырабыыталыстыба бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников иһитиннэрбитинэн, бүгүн сарсыарда Дьокуускай куораттан уонна Бэрдьигэстээхтэн икки улахан күүстээх дизельнэй генератордаах (хас биирдиитэ 200 кВт кыамталаах) тиэхиньикэлэр айаннаатылар. Бу генератордар нэһилиэктэри уот лииньийэтэ оҥоһуллуон диэри толору уотунан хааччыйар кыахтаахтар.

«Үөһээ Бүлүү оройуонугар ойуур баһаарын балаһыанньата бигэ туруктаах. Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суох буолуута хааччылынна. Бу туһунан «Якутлесресурс» ГАУ салайааччыта Виктор Омуков дакылааттаата. Манна барыта 7 ойуур баһаара салҕанар, олору умуруорууга 300-тэн тахса киһи үлэлиир. Күнүс Бе-200 амфибия-сөмөлүөт көмөлүө, уу быраҕыыга бөртөлүөт тардылынна», — диэн Дмитрий Садовников бэлиэтээтэ. Уоту утары охсуһуу атын Бүлүү бөлөх улуустарынан эмиэ салҕанар – Ньурба, Сунтаар, Бүлүү, итиэннэ ыаллыы Горнай улууһугар.

Арктика оройуоннарыттан ойууру баһаара Абый оройуонугар уоннаҮөһээ Дьааҥыга ыытыллар. Икки нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суох буолуута хааччылынна. Өлүөхүмэ оройуонугар тыалтан уонна этиҥнээх ардахтан эрдэ тохтотуллубут ойуур баһаардара  күөдьүйэн таҕыстылар. Ленскэйгэ  буруолаах.

Саха сиригэр сарсыарда от ыйын 24 күнүгэр барыта 88 ойуур баһаара уонна 1 ландшафтнай турбута биллэр. Саха сирин үрдүнэн 1800-тэн тахса киһи үлэлээтэ уонна 141 тиэхиньикэ туһанылынна. Авиация үлэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: