Үөһээ Бүлүүгэ икки оҕону ууттан быыһаабыт далбар хотун

Share

Бэҕэһээ, от ыйын 10 күнүгэр, социальнай ситиминэн Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аннынан Бүлүү өрүскэ икки оҕо ууга былдьана сыспытын быыһаабыттарын туһунан сурах тарҕаммыта.

Арай,бу сааһыра барбыт киһи атыттар курдук олорбут буоллун, бу оҕолор дьылҕалара хайдах буолуо этэй?
Бүгүн икки оҕо аанньала буолан, өлүүттэн быыһаабыт киһинэн Наталья Алексеевна Дмитриеваны кытары кэпсэттим. Наталья Алексеевна Үөһээ Бүлүү олохтооҕо, Н.И. Бойлохов аатынан оҕо ускуустубатын оскуолатын үлэһитэ. Кини дьоруойдуу быһыытын туһунан сахалыы сиэринэн сэмэйдик кэпсиир:

— Бэҕэһээ, дьиҥэ, сөтүөлүүр санаам суох этэ. Ол эрээри туох эрэ имнэнэн буоллаҕа, 15.00 чааһы ааһыыта өрүскэ киирбитим. Сөтүөлээн баран кытылга тасхан олордохпуна, биир түгэҥҥэ оҕолор хаһыытаһаллара иһиллэн ааспыта. Хаһыы туһаайыытынан көрбүтүм, арай, кытылтан ыраах икки оҕо төбөтө сүтэ-сүтэ көстөр. Кыл түгэнэ миигиттэн ураты быыһыыр киһи суох эбит дии санаат, тута, ууга сүүрэн киирдим да оҕолор туһаайыыларынан харбаан бардым. Сэбиэскэй кэм киһитэ буоларым быһыытынан, хайдах сатыырбынан харбаан, оҕолорго тиийдим. Дириҥҥэ улаханнык харбаан көрбөтөх буоламмын, илиибин биэрдэхпинэ сатаан харбыам суоҕа диэн, ууга булумахтана сылдьар кыыска аҥар илиигинэн атахпыттан тутус, аҥаргынан бырааккын илиититтэн тутан сос диэммин, нэһиилэ таҕыстыбыт. Ол нэһиилэ соһон иһэн тыын быһаҕаһынан тыынан, чачайан илистибит оҕолору аралдьытан, харбыы сатааҥ, атаххыт сотору сиргэ тиксиэ диэн кэпсэтэ истим.

Атахпыт сиргэ үктэммитин кэннэ, хата биир эдэр киһи сүүрэн кэлэн уолу харбаан ылла. Оттон кыыспыт биэрэккэ тахсан баран, дьэ өйдөнөн ытаан барда. Оҕолор арааһа, 5-6 кылаастар быһыылаах, өйдөөн ыйыппатахпын. Бэйэм да тыын быһаҕаһынан тыынан, ыксаан ыгылыйан арааһы, атыны толкуйдуур кыаҕым суоҕа. Ол эрээри бииртэн соһуйа санаатым, кытылга дьон син баара ээ. Ол эрээри биир да киһи оҕолору быыһыы ыстаммата, аттыбар олорбут дьахталлар сатаан харбаабаппыт дэстилэр.

Мин, сааһыра барбыт киһи, оҕону бэйэтин эрэ өрүскэ ыыппакка, бэйэҕит барсан, көрө-истэ сылдьыаххытын наада диэн сүбэлиэм этэ. Бэйэм да уолуйан хаалбытым, инньэ гынан, хайдах киирэн тахсыбыппын да бу диэн билбэккэ хаалбытым. Киһи ыксаатаҕына, уолуйдаҕына маннык түгэҥҥэ уһуну-киэҥи толкуйдаабат эбит, уоскуйан баран дьэ өйдөөтүм.

What’s your Reaction?
+1
19
+1
0
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

6 часов ago