Үөһээ Бүлүүгэ Исидор Барахов аатынан искибиэр тутуллар
Үөһээ Бүлүү улууһун килбэйэр киинигэр Исидор Барахов аатын сүгэр искибиэр тутуллар. Саҥа тутуу аныгылыы тыыннаах буолуоҕа.
«Искибиэр фонтаннаах, 2900 кв.м. тротуардаах, оҕо былаһааккалаах уонна куоракка да суох памп-трек диэн баар буолар. Манна бэлэсипиэтинэн хатааһылыахтара. Фонтан 45 сүүрээннээх, хараҥаҕа тыгар уоттаах буолуоҕа. Уу баһыллар сирин оҥоробут, үлэи кэминэн баран иһэр», — диир тутуу тэрилтэтин салайааччыт Спартак Олёнов.
Бу искибиэр Уһук Илин уокурук субъектарын ортолоругар куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийии бырайыактарыгар Арассыыйатааҕы куонкуруска кыайан оҥоһуллар. Манна фонтантан ураты, аллея, оҕо былаһаакката уонна Исидор Барахов аатынан паамытынньыга болҕомтону тардыахтара.
Бу курдук Үөһээ Бүлүүгэ аныгы олох тэтимин кытары табыгастаах эйгэ оҥоһуллар диэн Вести Саха иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: