Үөһээ Бүлүүгэ Олохтоох көҕүлээһини өйөөһүн бырагырааматынан 20 бырайыак олоххо киириэ

Share

Кэнники сылларга Олохтоох көҕүлээһини өйөөһүн бырагырааматынан өрөспүүбүлүкэҕэ үгүс элбэх бырайыак олоххо киирэр буолла диэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

2024 сылга Саха сирин бары улуустарыттан 482 сайаапка өйөбүлү ылан, бырайыактар олоххо киирэр кыахтаннылар.

Үөһээ Бүлүү улууһугар Олохтоох көҕүлээһини өйөөһүн бырагырааматынан бырайыактар 2017 сыллаахтан олоххо киирэллэр. Улууска олохтоох нэһилиэнньэ көмөтүнэн уопсайа 117 бырайыак үлэҕэ киирбитэ.

Быйыл Үөһээ Бүлүү улууһун 21 нэһилиэгиттэн 25 сайаапка киирбитэ. Куонкурус түмүгүнэн 16 нэһилиэктэн 20 бырайыак кыайан,  уопсайа 55,9 мөл. солк. көрүллэн, бырайыактар сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киириэхтээхтэр.

Бу көрүллүбүт 55,9 мөл. солкуобай сууматтан 39,8 мөл. солк. – өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн, 1,2 мөл. солк. – улуус бүддьүөтүттэн, 8,4 мөл. солк. олохтоох бүддьүөттэн, 1,7 мөл. солк. – нэһилиэк дьоно кыттыһыытынан, 4,8 мөл. солкуобай спонсордар өйөбүллэринэн үбүлэнэр.

Ол курдук, биир кэрэ көстүүлээх, дириҥ ис хоһоонноох бырайыагынан Нам нэһилиэгин Даркылаах сиригэр тутуллубут «Тобуруокап аллеята» буолар. 2021 сыллаахтан бырайыак өйөбүлү ылан үлэтэ саҕаламмыта. Бу сиргэ Саха сирин суруйааччылара мустаннар «Тобуруокап көмүс күһүнэ» диэн хоһоон көҥүл түһүлгэтин тэрийэн ыытар үгэстээхтэр. Быйыл балаҕан ыйыгар бу түһүлгэ 8-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан бэйиэттэри, суруйааччылары, дьоҕурдаах дьону түмүөҕэ. Бу тэрээһиҥҥэ саҥа ааттар тахсаллар, суруйар дьоҕурдаахтар уопут атастаһаллар, санаа үллэстэллэр.

«Тобуруокап аллеятыгар» араас дьэрэкээн дьүһүннээх П.Н. Тобуруокап айымньыларыгар олоҕурбут маһынан оҥоһуктар ойуур быыһыгар дьикти алыптаах көстүүнэн киэркэйэллэр.

Бу курдук кэрэ көстүүлээх, дьоҥҥо-норуокка үөрүүнү, сайдыыны, иэйиини иҥэрэр саҥа бырайыактар олоххо киирэ турдуннар.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

12 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

13 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

13 часов ago