Үөһээ Бүлүүгэ паарканы тупсарыахтара

Share

Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев үлэтинэн Үөһээ Бүлүүгэ сылдьар. Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын кини быһа ааспата.

Тоҕо диэтэххэ манна тупсаран оҥоруу үлэтэ ыытыллыбыта. Ил Дархан бастатан туран, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон сылдьалларыгар, сынньаналларыгар усулуобуйата хайдах эбитий, төһө табыгастааҕый диэн көрдө. Хаамалларыгар, кэлэллэригэр-баралларыгар уустуктары көрсөр дьоҥҥо туох да мэһэй суох буолуохтааҕын бэлиэтээтэ. Маны сэргэ, кини тупсаран оҥороллоругар кырдьаҕастар уонна төрөппүттэр оҕолорун кытары күүлэйдииллэригэр  туох да харгыстыыр мэһэй суох буолуохтааҕын эмиэ ыйда.

Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА

Былырыын пааркаҕа үлэ ыытылларыгар күүлэйдииргэ, сүүрүүнэн дьарыктанарга суоллара аспаалламмыт, уот-күөс тардыллыбыт. Стадион таһыгар сынньанар сир оҥоһуллубут. Онно киһи мас күлүгэр олоруон уонна стадиоҥҥа ыытыллар күрэхтэһиини көрүөн сөп. Улахан түннүктэрдээх павильоннарыгар кафелаахтар.

Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА

Манна даҕатан эттэххэ, Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар улахан тутуулар ыытыллыбыттарын таһынан, өссө үс уопсастыбаннай эйгэ сирдэрэ баар буолбуттара. Куорамыкы кытыла уонна оҕо былаһаакката, паарка тупсарыллыбыттара.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago