Үөһээ Бүлүүгэ үөдүгэйдэр Чехов айымньытын сахалыы саҥартылар
Тохсунньу 29 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ Оҕо ускуустубатын оскуолатын дьиэтигэр Үөдүгэй нэһилиэгин олохтоохторо улуу нуучча суруйааччыта А.П. Чехов төрөөбүтэ 165 сааһын көрсө «Мааска» испэктээги уу сахалыы тылынан туруордулар.
Үөдүгэй нэһилиэгэр ааспыт сылга «Ситис» тэрилтэ уонна Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ көҕүлээһиннэринэн улуустааҕы киин бибилэтиэкэ салайааччыта Тамара Саввинова салайааччылаах «Чехов сахалыы тылынан» диэн бырайыага Бэрэсидьиэн пуондатын граныгар кыайыылаах үрдүк аатын ылбыта.
Бу федеральнай бырайыак чэрчитинэн улуу нуучча суруйааччыта А.П. Чехов айымньытынан «Мааска» испэктээги Үөдүгэй олохтоохторо аан бастакытын төрөөбүт ийэ тылынан үрдүк сыанаҕа көрдөрдүлэр, дьон-сэргэ биһирэбилин ыллылар. Туруорааччы режиссерунан Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо ускуустубатын оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы,СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, Үөдүгэй нэһилиэгин олохтооҕо Дария Яковлева буолар.
«Мааска» испэктээккэ үлэ-хамнас быыһыгар Үөдүгэй нэһилиэгин олохтоохторо, ыччаттар абэлэмнэнэн, бэрт кылгас кэм иһигэр тыйаатыр сылаас тыыныгар, умсулҕаннаах эйгэтигэр киирэн, оруолларын олус табан, чаҕылхайдык оонньоотулар. Көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһынан сыанаҕа сүрэхтэннилэр. Талаан диэн норуокка сытарын дьиҥ-чахчы көрдөрдүлэр.
Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов үөрүүлээх дьоро киэһэҕэ бырайыак ааптарыгар Тамара Саввиноваҕа уонна туруорааччы режиссер Дария Яковлеваҕа махтал суруктары, сибэкки дьөрбөтүн туттарда.
Санатан эттэххэ, Үөдүгэй нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, ыччата, оҕото уопсастыбаннай олоххо олус көхтөөх, өрүү инники күөҥҥэ сылдьаллар. Күн бүгүн Үөдүгэйгэ уон араас уопсастыбаннай түмсүү үлэлиир, айар-тутар, нэһилиэк олоҕо сайдарыгар-үүнэригэр, социальнай, култуурунай олоҕо сайдыытыгар бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрсэр. Онуоха кулууп нэһилиэнньэ эргийэр киининэн буолар. Маннык эрчимнээх, саҥаттан саҥа идиэйэлэри, бырайыактары олоххо киллэрэр үс тыһыынча кэриҥэ нэһилиэнньэлээх Үөдүгэй нэһилиэгэ төһө да эргэ, тымныы кулууптаах буоллар, кэрэ эйгэтигэр тардыһыыта олус күүстээх. Инникитин аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир сылаас, саҥа кулууптаналлара буоллар, дьон көҕө өссө улаатыа, култуура эйгэтигэр сылдьар, кыттар таһыма өссө үрдүө, кыттааччыта, көрөөччүтэ үксүө этэ. Онон Үөдүгэйгэ кулууп дьиэтин тутуутун боппуруоһа быһаарыллан, олоххо сотору кэминэн киирдэр, кырдьаҕас Үөдүгэй нэһилиэгэр улахан үөрүү, үйэлээх бэлэх буолуох этэ.
Валентина Фиилиппова, Үөһээ Бүлүү
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: