Салгыы
Үөһээ бүлүүлэр «Аман өһү» уратытык тэрийэн ыыттылар

Үөһээ бүлүүлэр «Аман өһү» уратытык тэрийэн ыыттылар

Ааптар:
01.03.2024, 14:26
Тускулаана хаартыската.
Бөлөххө киир:

«Аман өс» күрэһэ буолла да, биир киһи өрөөбүт уоһун өһүлэн кэпсии-ипсии турара харахха ойууланар. Оттон Үөһээ Бүлүүгэ ураты аман өһү истэн, кыттан, сэҥээрэн кэллим. Сунтаарга күрэс барыла кэлбитигэр тутатына биэс киһилээх бөлөҕүнэн кыттыы диэнин сэргээбитим, оннугу ханна да эрдэ истэ илигим.

Кэнники кэмҥэ төрөөбүт тылбытын харыстыыр, сайыннарар сыаллаах элбэх хамсааһыннар тэриллэллэр. Үөһээ бүлүүлэр манна эмиэ улахан суолтаны ууран, араас үлэни кыайа туталлар. Аҥаардас ааспыкка ыччат дьоҥҥо анаммыт «Басхан» күөн күрэс эмиэ бу улуус бэртээхэй барыла эбит. Өссө биири үөрэ-көтө бэлиэтээтэххэ, киин бибилэтиэкэҕэ Дапсы кинигэтин толору пуондата долбуурун кытта бэлэх буолан Дапсы дьиэтэ тутуллуохтаах эбит.

Аны бу биэс киһиттэн турар хамаанданан «Аман өс» күрэһин төрүттээччитэ биир дойдулаахпыт, Кэмпэндээйиттэн төрүттээх саха тылын учуутала, устуоруктар уонна кыраайы үөрэтээччилэрин улуустааҕы түмсүүлэрин салайааччыта Бурхалей Макаров. Кини толкуйун өйөөн Ольга Федорова аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи киин бибилэтиэкэ ситимэ иилээн-саҕалаан, олус айымньылаахтык тэрийдэ. Күрэскэ Үөһээ Бүлүүттэн икки уонна Сунтаар хамаандата үс түһүмэххэ санааларын үллэһиннилэр, саха тылынан санааларын сайа эттилэр.

Бастакы түһүмэххэ бэйэлэрэ бэлэмнээбит этиилэрин, ыҥырыыларын оҥорон элбэх сүбэ-соргу иһилиннэ, олоҕу толкуйдатар да түгэннэр бааллара. Иккис түһүмэххэ улуустар эрдэ бэлэмнээбит тиэмэлэрин ханнык түбэспитинэн ырыттылар, онтон үһүскэ икки бастыҥ хамаанда өс хоһоону хайдах өйдүүллэрин холобурдаатылар. Күрэс түмүгүнэн Үөһээ Бүлүү бастакы хамаандата бастаата, иккиһи Сунтаар, үһүс үрдэли Үөһээ Бүлүү иккис хамаандата ыллылар.

Бу тэрээһиҥҥэ Ньурбаттан Бигэ Өрүкүй биир санаалааҕын кытта кэлэн «якут» буолан бүтэн «саха» буолуохха диэн санаатын этиннэ, үгүс сүбэлэри биэрдэ, онтон биирдэстэрэ хас биирдии улууска, оскуолаҕа Дьыл Оҕуһун хаар оҥоһук быһыытынан оҥорон оҕолорго муос, сүнньү тостор күннэрин-дьылларын билиһиннэриэххэ диэбитин сэргээтим. Үөһээ бүлүүлэр хамаандаларыгар Дьулсхан Баппаҕай уола, Бааһынай Баһылай, Бурхалей Макаров курдук аман өстөөх дьоһун дьоннор ыччат дьоҥҥо үгүс билиини, сэһэни-сэппэни биэрэр дьон баалларыттан олус астынныбыт. Төрүттээччи Бурхалей этэринии, саха тылын сүмэтин Бүлүү түбэтигэр сүтэрбэт, төттөрүтүн саргылыыр туһугар биир ситиминэн үлэлээн эһиилги сылга бүлүүлэр, ньурбалар кыттыһалларын ситиһиэххэ уонна бу күрэс көһө сылдьан улуустарынан тэриллиэхтээҕин эттэ.

Биһиги араас эйгэттэн түмүллүбүт хамаанда бу тэрээһиҥҥэ кыттарбытыгар көмө буолбут Сунтаар киин бибилэтэкэтигэр, салайааччыга Изабелла Жирковаҕа, үлэһиккэ Саргылана Генероваҕа, тимир көлөнөн көмө буолбут хамаандабыт бас-көс киһитигэр Дьаархан баһылыгар Петр Тимофеевка, суоппарга Өлөксөйгө барҕа махтал. Хамаандабытыгар Петры кэккэ үөрэҕирии эйгэтиттэн Максим Захаров, Владислав Аргунов, Сардаана Афанасьева уонна Сунтаар ТВ-тан Тускулаана кыттыыны ыллыбыт. Дьүүллүр сүбэҕэ Сунтаартан «Ньургуһун» литературнай түмсүү салайааччыта Августина Попова-Кыыдаана үлэлээтэ.

Тэрээһин түмүгэр бу күрэскэ оҕо дьону кыттыһыннарыахха, баҕар ити биэс киһи эбээ, эһээ, ийэ, аҕа, оҕо буолара буоллар диэн санаабын этинним. Махтал бэртээхэй тэрээһиҥҥэ!

ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: