Үөһээ Бүлүүлэр байыастарга алгыстаах 43 мөһөөччүгү бэлэмнээтилэр
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев бу аҕыйах хонугунан анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сулууспалыы сылдьар уолаттары, биир дойдулаахтарбытын, көрсө барар. Маныаха анаан улуус олохтоохторуттан аадырыстаммыт баһыылкалары тута олороллор, диэн «Үөһээ Бүлүү» хаһыат суруйар.
«Дойдум тыына» иистэнэр сыах толору маллаах алгыстаах мөһөөччүктэри түүннэри-күнүстэри түбүгүрэн, бэлэмнээн бүтэрдилэр. 43 байыаска дойдуларыттан кэһии буолан тиийиэҕэ. Итиэннэ хас да ыччаты утары тэрийэн ыыттылар.
«Бары күүс-көмө, сүбэ буолбут түмсүүлэрбэр, биирдиилээн дьоммор баара махталбын тиэрдэбин. Биһиги күүспүт — түмсүүгэ! Уолаттарбыт Кыайыы кынаттаах этэҥҥэ эргиллэллэрин туһугар, бары күүһү — кыайыыга!«, — дииллэр «Дойдум тыына» иистэнэр сыах салайааччыта Васма Иванова уонна улуус дьахталларын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ольга Тумусова.
Хас биирдии алгыстаах мөһөөччүккэ угуллубут «Үөһээ Бүлүү» улуус хаһыата байыаннай дьайыы буола турар сиригэр дойдуларыттан сибиэһэй салгыҥҥа тэҥнээх сонун буолан тиийдин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: