Үөһээ бүлүүлэр байыастарга баһыылка ыыттылар
18.11.2024, 19:00
Хаартыска: Валерий Николаев телеграм-ханаалыттан.
Бөлөххө киир:
Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо байыастарга анаан баһыылкалары бэлэмнээн, икки массыынанан Дьокуускайга ыыттылар. Бу туһунан улуус баһылыга Валерий Николаев телеграм-ханаалыгар суруйар.
«Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт гуманитарнай көмөнү Үөһээ Бүлүү улууһун бары олохтоохторо көмөлөөн хомуйдулар.
Аны салгыы баһыылкалары Дьокуускай куораттан Москваҕа диэри айаҥҥа бэлэмниибит. Москва куоракка баһыылкаларбытын бэйэбит көрсөн ылан, анал байыаннай дьайыы зонатыгар тирэх пууннарынан биир дойдулаах байыастарбытыгар тиксэрэрдии былаанныыбыт,» — диэн баһылык суруйар.
+1
2
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: