Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан биирдиилээн дьон, түмсүүлэр, тэрилтэлэр, үөрэх кыһалара «Барыта кыайыы туһугар!” диэн девизтээх түмсэн, араас хабааннаах көмөнү ким туох кыахтааҕынан, сатабыллааҕынан көмөлөһө олороллор диэн кэпсиир «Үөһээ Бүлүү» хаһыат.
Үөһээ Бүлүү аатыттан байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар гуманитарнай көмө тиһигин быспакка оҥоһуллар. Бу сыл ыам ыйыгар уонна от ыйыгар улуус аатыттан баһылык Валерий Николаев салайааччылаах дэлэгээссийэ иккитэ баран кэллэ, бу ыйга бараллара эмиэ былааннанар.
Бу туһунан сиһилии улуус дьаһалтатын дьыалаларын дьаһайааччы Михаил Егоров кэпсээтэ: «Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар иккитэ баран кэллибит. Бастакы сырыыга туоннаны кыайбат, уопсайа 5 мөл. 424 тыһ. 280 суумалаах көмө оҥоһуллубута.
Иккис сырыыга 1 туонналаах көмө барбыта, уопсай суумата 5 мөл. 939 тыһ. 600 солк. Үһүс сырыыга 6 мөл. 737 тыһ. 539 суумалаах көмө барара былааннанар. Бу бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэрин хамнастарыттан уонна спонсордартан көрүллүбүт харчылар.Уолаттарбыт кыайыы аргыстаах дойдуларыгар төннөр өрөгөй күннэрин кэтэһэбит».
Хас биирдии айаҥҥа байыастарга туһалаах маллары-саллары, тэриллэри атыылаһан илдьэ бараллар. Ол курдук, ыйдарынан ыллахха, ыам ыйыгар 6 мотоцикл, 4-түү квадрокоптер, хараҥаҕа көрөргө прибор (прибор ночного видения), тепловизор, от ыйыгар 6 мотоцикл, 9 квадрокоптер, 3 тепловизор, 3 антидроновай тэрил, 1 дизель генератора, молекуляр, саха быһахтарын ылаттаан байыастарга туттарбыттара.
Үһүс сырыыга, бу сыл сэтинньитигэр былааннанар айаҥҥа, 6 мотоцикл, 5 квадрокоптер, 3 тепловизор, 3 хараҥаҕа көрөр прицел, антидрон, о.д.а. илдьэ барыахтаахтар. Ону таһынан, айан аайы уолаттарбытыгар дойдубут Арассыыйа
Маны таһынан, харысхаллары кытары сыт таһаарарга кытыан отун байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ сыллата хааччыйан олороллор. Итини сэргэ нэһилиэктэр уопсастыбаннай түмсүүлэрэ, күн-күбэй ийэлэр, эйэҕэс эбээлэр илиилэрин сылааһын иҥэрбит үтүлүк, кээнчэ, угунньа тигэн көмөлөрүн оҥороллор.
Васма Васильевна “Көмүс сүүтүк” түмсүүнү бэлиэтиир, кинилэр көмөлөрүнэн элбэх таҥас тигиллэр. Эбээлэр пионер, хомсомуол күннэригэр анаан-минээн субуотунньукка кэлэн иистэнэн бараллар.
, Саха сирин, Үөһээ Бүлүү былаахтарын бэлэхтииллэр. Маны сэргэ, “Дойдум тыына” сыах мөһөөччүктэрин, нэһилиэктэр, төрөппүттэр оҕолоругар анаабыт тус баһыылкаларын илдьэ бараллар.
Бу сырыыга, халлаан тымныйбытынан сибээстээн, 2 убаһаны астаан, сибиэһэй дойду аһын илдьэ барардыы бэлэмнииллэр. Бу күннэргэ ыытыллыбыт Ороһу, Харбалаах муҥхаларын соболоруттан ыһаарылаан, тоҥорон, маны сэргэ Ороһу олохтооҕо Ольга Захарова байыастарга көмө быһыытынан балык арааһыттан буһаран астаабыт астарын илдьиэхтэрэ.
«Дойдум тыына» иистэнэр сыах 2023 сыл ыам ыйын 2 күнүттэн улуус уопсастыбанньыга Васма Иванова көҕүлээһининэн тэриллэн ситиһиилээхтик үлэлии олорор. Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан 19 көрүҥ таҥаһы-сабы, ол иһигэр сэлээппэлэри, мааскалары, комплект таҥаһы, курткалары, палааткалары о.д.а тигэн саҕалаабыттара.
Васма Васильевна мындыр толкуйунан тепловизоры, дрону тэйитэр фольга матырыйааллаах плащ-палааткалары тигэн, уолаттар махталларын ылыан ылаллар. Бу плащ-палаатка туһата үгүс – маска икки өттүттэн ыйаан хахха да оҥостуохтарын сөп, ортотунан ыйаатахха хаххаланар сылаас палааткаҕа кубулуйар.
Биирдиилээн уолаттар уоппускаларыгар кэлэ сылдьан, эбэтэр саҥа тэринэн барар уолаттарбыт иистэнэр сыахтан мөһөөччүк ылан бараллар. Васма Васильевна бэлиэтэммитинэн, барыта 91 уолга мөһөөччүк туттаран ыыппыттар.
Манна туох киирэрий? Плащ-палаатка, ичигэс таҥас, сетка уонна харысхаллар. Харысхаллары улууспут талба талааннаахтара, предпринимателлэрэ бэлэх быһыытынан туттараллар. Ол курдук, Иван Борисов руна суруктаах мас харысхаллары, Нам нэһилиэгин «Ситим” түмсүүтэ алгыстаах дэйбиир-харысхаллары, ИП Александр Антонов алгыстаах жетоннары, харысхал угуллар мөһөөччүктэрин ойуутун, суругун, Айыына Афанасьева мас харысхаллары, Варвара Афанасьева Ньыыкан эмчит мөссүөннээх харысхаллары оҥороллор.
Ньыыкан эмчит мөссүөннээх харысхаллары Саха сирин үрдүнэн үлэлиир “Волонтеры Саха” хамсааһын анаан-минээн сакаастаан, Москва уонна Санкт-Петербург госпиталларыгар эмтэнэ сытар саха уолаттарыгар анаан 80 устууканы ылбыттара. Рюкзак таһыгар алгыстаах суругу Дьокуускай куоракка ОФСЕТ хампаанньаҕа буор-босхо бэчээттэтэн ыыттараллар.
«Дойдум тыына» иистэнэр сыахха үгүс биирдиилээн дьон, предпринимателлэр көмөлөрүн оҥороллор. Ол курдук, “Туһалаах маллар” онлайн-маҕаһыын хаһаайката Айыына Алексеева 7 сетка аҕалан көмөлөспүтэ, ону таһынан «Online» маҕаһыын хаһаайката Туйаара Трофимова суотабай төлөпүөнүнэн иитиллэр ыйанар лаампалары аҕалан туттарда. Барыта 50 устуука (эрдэ 20-ни туттарбыта).
Бу лаампалары 50 мөһөөччүккэ уган, сэтинньи 20 күнүгэр улуус баһылыга Валерий Николаев байыаннай дьайыыга уолаттары көрсө барарыгар биэрэн ыытыахтаахтар.
Бу курдук олус түмсүүлээхтик, биир санаанан салайтаран, «Барыта кыайыы туһугар” диэн девизтээх “Дойдум тыына” иистэнэр сыах ньиргиччи үлэлии олорор. Байыастар уонна дьон-сэргэ махталларын ыланнар, ааспыт сыл түмүгүнэн улуус уонна Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин үрдүнэн «Бастыҥ түмсүү” анал ааттары ылбыттара күүстэригэр күүс эбэр, элбэҕи эрэннэрэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун «Тускул» оҕо киинин «Сомоҕо» оҕо хамсааһына, «Навигаторы детства» («Оҕо саас сирдьиттэрэ») федеральнай бырайыак байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга күүс-көмө, өйөбүл буолар сыаллаах “МЫ ВМЕСТЕ!” аахсыйа быйыл үһүс сылын биһиги улууска көхтөөхтүк ыытыллар.
Дьиэ ис-тас үлэтигэр мас хайытааһына, хаар күрдьээһинэ, от киллэриитэ о.д.а үлэҕэ көмөлөһөллөр. Маны таһынан, “Талисман добра” (оҕолор илиилэрин сылааһынан алгыстаах оҥоһуктара), “Письмо солдату” (Үтүө суруктар) санааларын көтөҕөр, күүстэригэр күүс эбэр, баҕа санааларын, эйэлээх олоҕу уруйдаан, хас биирдии оҕо сүрэҕин сылааһын ууран, ис дууһаларыттан суруйбут суруктарын ыыталлар. «Окопные блиндажные свечи» 2024 сыллааҕы аахсыйалары сэтинньигэ уонна ахсынньыга биллэрдилэр.
Бу иннинээҕи сыллары ылан көрдөххө, «Тускул» оҕо киинин «Сомоҕо» оҕо хамсааһына ыыппыт аахсыйаларыгар улуус оскуолаларыттан биир да оҕо туора турбакка, көхтөөхтүк кыттыбыттара. Ол курдук, 2022 с. бары оскуолалартан 1261 оҕо кыттан, 394 талисман, 742 байыастарга сурук, 26 наскы, 4 шарфик-хомут, 6 бэрчээкки, 13 балаклава, 64 хаххаланар сетка хомуйан туттарбыттара.
Маны таһынан, байыастар дьиэ кэргэттэригэр сылдьан дьиэ ис-тас үлэтигэр 12 араас көмөнү оҥорбуттара. 2023 сыллаахха «Окопные блиндажные свечи” аахсыйаҕа улуус оскуолаларын оҕолоро 1763 чүмэчи, 187 испиискэ, 12 ичигэс наскы, 4 үтүлүк, 1 бэргэһэ, 1 хаххаланар сетка хомуйан туттарбыттара. Быйылгы аахсыйаҕа оҕолору, төрөппүттэри көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥыраллар.
Улуустааҕы оҕо технопаарката туора турбакка, ааспыт сыллаахха блиндажнай (окопнай) тимир баанкалары хомуйууга аахсыйа ыыппыта. Аахсыйаҕа улуус 9 оскуолатыттан, 12 уһуйааныттан, “Тускул” оҕо кииниттэн уонна 5 олохтоох дьонтон барыта 1792 тимир баанканы хомуйан Дьокуускай куоракка ыыппыттара.
«Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ”, “Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар” диэн норуот өс хоһоонугар этиллэринии, бары бииргэ түмүстэхпитинэ кыайыыга кэлиэхпит диэн санаанан салайтаран үлэлиэҕиҥ, дойдубутун күн-түүн көмүскүүр уолаттарбытыгар көмөлөһүөххэйиҥ.
Мария Васильева
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…